Боотур Уус улууһа
![](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/9/9b/%D0%9A%D0%B0%D1%80%D1%82%D0%B0_%D0%91%D0%BE%D1%82%D1%83%D1%80%D1%83%D1%81%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B3%D0%BE_%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%81%D0%B0.jpg/220px-%D0%9A%D0%B0%D1%80%D1%82%D0%B0_%D0%91%D0%BE%D1%82%D1%83%D1%80%D1%83%D1%81%D1%81%D0%BA%D0%BE%D0%B3%D0%BE_%D1%83%D0%BB%D1%83%D1%81%D0%B0.jpg)
Боотур Уус улууһа эбэтэр Боотуруус улууһа (нууч. Ботурусский улус) - Саха уобалаһыгар баар буола сылдьыбыт бөдөҥ саха улууһа, Дьокуускай уокуругар киирэрэ. XIX үйэҕэ бу улуус 31 нэһилиэктээх этэ. Аан маҥнай Амма уонна Таатта улуустар арахсыбыттара, ол түмүгэр 15 нэһилиэк хаалбыта. Билигин Чурапчы улууһа диэн аатырар.
Саха уобалаһын управлениетын 716 нүөмэрдээх 1912 сыл ахсынньы 8 күнүнээҕи (саҥа ааҕыыннан ахсынньы 21) уурааҕынан 1913 сыл тохсунньу 1 күнүттэн (саҥа ааҕыынан тохсунньу 14 күнүгэр) — Боотуруус улууһа икки улууска хайытыллыбыт: Боотуруус уонна Таатта. Таатта улууһугар Алдан, Тыараһа, 2-с Дьохсоҕон, 1-кы Игидэй, 1-кы Дьохсоҕон, Уус-Амма, Дьүлэй, 1-кы Хайахсыт, 4-с Дьохсоҕон, 2-с Игидэй, 3-с Дьохсоҕон уонна Күнээйи, барыта 12 нэһилиэк киирбит. Ол эбэтэр саҥа улууска 4219 дууһа, 2113 үлэһит бэриллибит, эр киһитэ - 4434, дьахтара - 4313.
Боотур Уус улууһун кулубалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Боотур Уус улууһун кулубалара[1].
1. Кирен Маврин (1778-1781 сс.)
2. Степан Бигэков - Мочот (1781-1785 сс.)
3. Иван Старостин - Кынчатыып Логлоинов (1786-1789 сс.)
4. Кузьма Сафронов (1793-1796 сс.)
5. Монкурдаах Баунов (1796-1800 сс.)
6. Тэппэйин Абрамов (1800-1803 сс.)
7. Василий Толстяков (1803-1805 сс.)
8. Кузьма Захаров (1805-1812 сс.)
9. Платон Басаарын (1812-1816 сс.)
10. Василий Дьячковский (1816-1818 сс.)
11. Григорий Старостин (1818-1822 сс.)
12. ? (1822-1831 сс.)
13. Григорий Старостин (1831 с.)
14. Яков Попов-Мосунка (1831-1834 сс.)
15. Алесандр Попов - Быыччык (1834-1838 сс.)
16. Дмитрий Башарин (1838-1841 сс.)
17. Василий Попов - Быччайар (1841-1845 сс.)
18. Василий Ефимов (1845-1858 сс.)
19. Диодор Ефимов - Доодор (1858-1862 сс.)
20. Яков Седалищщев - Хооптор (1862-1865 сс.)
21. Диодор Ефимов - Доодор (1865-1867 сс.)
22. Алексей Попов - Өксөөтөп (1868-1871 сс.)
23. Егор Оросин - Оруоһун (1871-1874 сс.)
24. Дмитрий Попов - Миитэрэй (1874-1876 сс.)
25. Гурий Попов - Күүрэй (1876-1882 сс.)
26. Павел Протодьяконов - Байбал (1882-1885 сс.)
27. ? (1885-1889 сс.)
28. Павел Протодьяконов - Байбал (1889-1891 сс.)
29. Иван Оросин - Оруоһун (1891-1895 сс.)
30. Егор Николаев I - Улахан (1895-1900 сс.)
31. Егор Николаев II - Кыра (1900 с.)
32. Илларион Оросин (1900-1902 сс.)
33. Василий Попов I - Бочуута (1902-1905 сс.)
34. Василтй Попов II - Бааса (1905-1907 сс.)
35. Федор Новиков - Нойукуоп (1907-1910 сс.)
36. Никита Куприянов (1910-1912 сс.)
37. Михаил Шеломов - Солуомап (1912-1916 сс.)
38. Дмитрий Сивцев (1916-1918 сс.)
Туһаныллыбыт сирдэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Багдарыын Сүлбэ. Топонимика, Дьокуускай, 2004.
- А.А. Саввин аатынан Чурапчы Этнография Музея.