Бикипиэдьийэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Бикипиидийэ көстө)
Бикипиэдьийэ
Wikipedia's multilingual portal shows the project's different language editions.
Screenshot of Wikipedia's multilingual portal.
URL www.wikipedia.org
Slogan The free encyclopedia that anyone can edit.
Alexa rank #7 [1]
Эргинэр? No
Сайт көрүҥэ Онлайн энциклопедия
Регистрация Optional
Тыллар 236 active editions (253 in total)[2]
Бас билээччи Wikimedia Foundation
Айааччы Дьимми Уэйлс, Ларри Сэнгер[3]
Launched Тохсунньу 15 2001(2001-01-15)
Билиҥҥи туруга perpetual work-in-progress[4]

Бикипиэдьийэ (ааҥл. Wikipedia) диэн көҥүл, элбэх тыллаах энциклопедия. Бикипиэдьийэ үлэтин Wikimedia Foundation диэн түмэт-тэрилтэ хааччыйар, үбүн салайар. Билигин Бикипиэдьийэҕэ 285 тылынан 40 мөл. тахса ыстатыйа баар. Бу ыстатыйалары тус бэйэлэрин баҕаларынан бүтүн аан дойдуттан кыттааччылар киирэн суруйаллар уонна тупсараллар. Бикипиэдьийэни 2001 с. Дьимми Уэйлс уонна Ларри Сэҥер 2001 сыллаахха тохсунньуга саҕалаабыттара.[5], Бикипиэдьийэ аан бастаан тохсунньу 10 күнүгэр үөскээбитэ, ол эрээри туспа домеҥҥа биэс хонон баран көһөрүллүбүтэ, онон үөскээбит күнүнэн тохсунньу 15 күнэ ааҕыллар.

Бикипиэдьийэ билигин саамай улахан уонна ордук элбэхтик көрүллэр[1] ыйынньык (справочник) буолар[6][7][8].

Улаханынан уонна нэдэр хабар тиэмэтэ киэҥинэн Бикипиэдьийэ киһи аймах устуоруйатын тухары айыллыбыт энциклопедиялартан саамай толорулара[9][10].

Аатын устуоруйата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бикипиэдьийэ бастаан Нупедия диэн онлайн-энциклопедия быһыытынан үөскээбитэ, кини атын энциклопедиялартан улахан уратыта суоҕа. Кэлин бырайыак вики-технологияҕа (биики ньыматыкка) көспүтэ, уонна Бикипиэдьийэ (Wikipedia) диэн ааттаммыта. Биики ньыматык уратыта дьоҥҥо бэйэлэригэр саайты уларытар, эбэр-сабар, тупсарар кыах биэрии. Биики ньыматыгы туһанар ситим-сиргэ бэйэтин иһигэр уларытар кыах "угулла" сылдьар. Бикипиэдьийэ диэн аат икки тылтан турар. «Пиэдьийэ» (pedia) диэнэ энциклопедия диэн тыл сорҕото сылдьар. Оттон «биики» (wiki) диэнэ биики ньыматыгы туһанарын көрдөрөр.

«Биики» диэн тылы көмпүүтэргэ сыһыаннаах тиэрмин быһыытынан аан бастаан Уорд Каннингем диэн киһи 1995 сыллаахха туттубута, кини WikiWikiWeb диэн ааттаах бастакы биики-тиһиги оҥорбута, онтун «Портленд холобурдары харайар ыскылаата» диэн ситим-сиргэ[11] 1995 сыл кулун тутар 25 күнүгэр аан бастаан туһаммыта. Оннук ааттыырыгар Каннингем Гонолулу аэропордун үлэһитин өйдөөн кэлбит, ол киһи киниэхэ аэропорт биир дьиэтиттэн атын дьиэтигэр барарга «биики-биики-шаттлынан» туһанарыгар сүбэлээбит, «биики» диэн гаваай омук тылыгар «түргэн» диэн суолталаах (wiki-wiki — түргэн түргэнник)[12][13]. Каннингем буоллаҕына саайты төһө кыалларынан түргэнник уларытар, ыстатыйалары түргэнник айарга туһуламмыт хамсатыгы (движогу) оҥорорго санана сылдьыбыт эбит.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. 1,0 1,1 Five-year Traffic Statistics for Wikipedia.org. Alexa Internet. Тургутулунна 15 От ыйын 2008. Цитата сыыһата: Неверный тег <ref>: название «AlexaStats» определено несколько раз для различного содержимого
  2. Grand Total. Wikimedia.org. June 10, 2012. Retrieved June 11, 2012.
  3. Jonathan Sidener. "Everyone's Encyclopedia". San Diego Union Tribune. http://www.signonsandiego.com/uniontrib/20041206/news_mz1b6encyclo.html. Retrieved on 2006-10-15. 
  4. Wikipedia:Wikipedia is a work in progress. Wikipedia. Тургутулунна 3 От ыйын 2008.
  5. Miliard, Mike (2008-02-20). "Wikipediots: Who are these devoted, even obsessive contributors to Wikipedia?". Salt Lake City Weekly. https://www.cityweekly.net/utah/feature-wikipediots-who-are-these-devoted-even-obsessive-contributors-to-wikipedia/Content?oid=2131674. Retrieved on 2018-05-22. 
  6. Tancer, Bill (2007-05-01). "Look Who's Using Wikipedia". Time. http://www.time.com/time/business/article/0,8599,1595184,00.html. Retrieved on 2007-12-01. "The sheer volume of content […] is partly responsible for the site's dominance as an online reference. When compared to the top 3,200 educational reference sites in the U.S., Wikipedia is #1, capturing 24.3% of all visits to the category"  (the author’s blog post on the article Архыыптаммыт 2012, Кулун тутар 25 күнүгэр.)
  7. Woodson, Alex (2007-07-08). "Wikipedia remains go-to site for online news". Reuters. https://www.reuters.com/article/internetNews/idUSN0819429120070708. Retrieved on 2007-12-16. "Online encyclopedia Wikipedia has added about 20 million unique monthly visitors in the past year, making it the top online news and information destination, according to Nielsen//NetRatings" 
  8. The top 500 sites on the web. Alexa Internet. Тургутулунна 9 Бэс ыйын 2015.
  9. Русская Википедия перешла рубеж в 250 тысяч статей Архыыптаммыт 2009, Тохсунньу 29 күнүгэр.
  10. Википедия отмечает 7-й день рождения (2008)(суох сигэ — история). Тургутулунна 22 Олунньу 2008. Төрүт сириттэн архыыптанна 9 Муус устар 2009.
  11. Portland Pattern Repository
  12. Correspondence on the Etymology of Wiki, Ward Cunningham, c2.com
  13. Hawaiian words; hawaiian to english, mauimapp.com