Баланов Сергей Романович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Баланов Сергей Романович — саха тыйаатырын уонна киинэтин артыыһа.

1972 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Кириэс Халдьаайыга (Томпо улууһа) төрөөбүт эбит.

1996 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр тыйаатыр устуудьуйатын бүтэрбит. 2007 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи Култуура уонна ускуустуба академиятыгар "тыйаатыр артыыһа" диэн идэни ылбыт.

1996 сылтан 2010 сыллаахха диэри Нүөрүҥгүрүтээҕи Актер уонна куукула тыйаатырыгар үлэлээбит.

2010-11 сс. Саха тыйаатырыгар сценомашинист быһыытынан үлэлээбит.

2011 сылтан Саха тыйаатырыгар артыыс.