Алтан ньиирэй

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алтан ньиирэйгэ үҥээһин

Алтан ньиирэй (ивр. עֵגֶל הַזָּהָב‎) диэн Таҥараттан тэйбит дьэбэриэйдэр сүгүрүйбүт эмэгэттэрэ.

Барыы битигэ кэпсииринэн, Моисей Синай хайаҕа уон ыйыгы ыла тахсан баран түөрт уон хонукка сүтэн хаалбыт. Дьон кини төннүбэт буолла диэн долгуйан Ааронтан "биһигини батыһыннарар таҥараны оҥорон биэр" диэн көрдөспүттэр. Аарон дьонун уоскутаары барыларыттан алтан (кыһыл көмүс) ытарҕалары уонна киэргэллэри хомуйан ылан уулларан олортон Алтан ньиирэйи оҥорбут. Дьэбэриэйдэр ньиирэйгэ үҥэн барбыттар. Моисей хайаттан түһэн кэлэн дьоно эмэгэккэ үҥэллэрин көрөн ынырыктык уордайан Таҥара биэрбит Арыныы тахтайдарын алдьаппыт уонна Алтан ньиирэйи уокка бырахпыт. Алтан ньиирэйгэ Леви бииһэ эрэ сүгүрүйбэтэх. Моисей ыҥырбыт - ким Тойоммут диэки буолааччы миэхэ кэлиҥ. Леви уолаттара Моисей тула мустубуттар. Моисей кинилэргэ эппит: Ыһыраайыл Таҥарата маннык диэтэ - хас биирдиигит кылыһын буутугар тутан сурт халҕатыттан халҕатыгар диэри уонна төттөрү хааман хас биирдиигит ини-биитин, атаһын, дьукааҕын кыргыахтаах. Леви уолаттара Моисей эппитинэн гыммыттар. Ол күн үс мыҥ кэриҥэ киһи кыргыллан охтубут.

Алтан ньиирэйи Апис диэн Былыргы Египет оҕус таҥаратын кытта ситимнииллэр. Билигин Алтан ньиирэй баай уонна иҥсэ бэлиэтэ буолар.