AC/DC

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

«ЭЙ-СИ/ДИ-СИ» (AC/DC) - Австралияттан төрүттээх хард-рок-бөлөх. 1974 үөскээбит.

Сүрүн дьоно: Малколм Янг (Malcolm Young) (тохсунньу 6 күнүгэр, 1953, Глазгоҕа төрөөбүт; гитара), Ангус Янг (Angus Young) (кулун тутар 31, 1953, Глазго; гитара), Бон Скотт (Bon Scott, дьиҥнээх аата Рональд Белфорд, Ronald Belford) (от ыйын 9, 1946, Энгус, Шотландия — олунньу 20, 1980, Лондон; вокал), Клифф Уильямс (Cliff Williams) (ахсынньы 14, 1949, Эссекс; бас-гитара), Фил Рудд (Phillip Rudd) (ыам ыйын 19, 1954, Мельбурн; ударнай).

Мадриид (Испания) уонна Мельбурн (Австралия) куораттарга бөлөх аатынан уулуссалар бааллар. 1973 сылтан аан дойдуга 140 мөл. тахса AC/DC диискэлэрэ атыыламмыта.