Ыйааһын мээрэйдэрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха ыала былыр төһө да алаас-алаас аайы, үрүйэ-харыйа быыстарыгар тус-туспа бүгэн олордор, бэйэ-бэйэлэрин кытта ылсар-бэрсэр, уларсар, кыра да буоллар, иэс-күүс киирсэр идэлээхтэрэ. Онно өйдөһөр мээрэйдээх этилэр. Чабычах, саар ыаҕас, холлоҕос, хоппо, тымтай, бэрэмэдэй, хааһах, о. д. а. иһит-хомуос бары мээрэй буоллара. Холлоҕос диэн 10-20 ыаҕас киирэр истээх туос иһит. Онно үксүн тары куталлара. Сири иһит тирииттэн тигиллэрэ, кымыска аналлаах, быһа холуйдахха, 6-7 буут истээх буолара. Улахан ыһыахтарга кымыһы хас да сири иһиккэ буолара. Муҥхаҕа балыгы хоппо мээрэйинэн холууллара. Эбэбит 5-6 хоппону сиэттэ диэн буолара. Ытыс, уоп, кырбас, үтэһэ диэн мээрэй баара. Ытыс буор, ытыс бурдук дииллэрэ. Ытыһынан мээрэй бурдугу суорунаҕа тардар кэмҥэ үгүстүк туттуллара. Биир уоп - ол аата киьи сеп соҕутсук биирдэ айахха угар куһуога. Кырбас - төһө да чуолкай киилэ, грамм этиллибэтэҕин иһин, саха киһитэ толору өйдөбүлү ылар. Холобур, икки үчүгэй кырбас эти буһардылар. Үтэһэ мунду, үтэһэ эт. Ыһыахха биирдии үтэһэ эти сиэттилэр. Билигин да ыһахха эти утэһэлиир үгэс уурайа илик. Саамй кыра мээрэйдэргэ кымаах уонна сыҥсыыр киириэхтэрин сеп. Кутуу чэй, хамса табах: икки-ус кутуу чэй хаалла. Итини тэҥэ кыыннаах быһах саҕа, тыҥырах харатын, чыычаах тумсун саҕа уо. д. а. өйдөбүллэр бааллара. Чуолакай ыйааһыннаах мээрэйдэр кэлин нууччаттан киирбиттэрэ:

  • Буут - 16 киилэ кэриҥэ.
  • Боппууда - 8 киилэ кэриҥэ.
  • Мэһэмээн - биир киилэ кэриҥэ.
  • Мээрэй - биир киилэ кэриҥэ киирэр иьитэ.
  • Муунта - 400 грамм кэриҥэ.