Чэмэлиидэ
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чэмэлиидэ (лат. Parnassia palustris) (нуучч.: белозор болотный). Сииктээх, дулҕалаах от үрэхтэргэ, ойуур, талах быыһыгар сөбүлээн үүнэр. Хойуутук үүммэт. 10—15 см үрдүктээх, сытыы кырыылаах умнастаах. Төбөтүгэр биэс үрүҥ эминньэхтээх, сибэккитэ от, атырдьах ыйыгар ситэр. Угун төрдүгэр хас да туураҕа олорор сүрэххэ маарынныыр сэбирдэхтэрдээх. Умнаһын ортотугар биир туурата суох сэбирдэхтээх.
[уларыт] Эмтэнэргэ туттуллуута
Бу үүнээйи уутун, көөнньөһүгүн ииктэтэр эмп быһыытынан туттуохха сөп. Ону тэҥэ үөһүрдэххэ, тымныйан ыарыйдахха, хаан барыытын тохтоторго иһэллэр. Сис дьарҕатыгар ванна эбэтэр угут оҥостон тутуннахха, ыарыы арыый мүлүрүйэр, ыарыһах хамсанара-имсэнэрэ чэпчиир.
[уларыт] Туһаныллыбыт сирдэр
- К. Токумова, П. Токумов, Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ. Дь., Бичик. 2008. ISBN 978-5-7696-2947-1
