Хараҥаччы

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хараҥаччылар
Кыhыл хараҥаччы
Биология классификацията
Хоруоллук: Харамайдар
Тип: Хордалыктар
Кылаас: Көтөрдөр
Этэрээт: Passeriformes
Suborder: Passeri
Ыал: Hirundinidae
Vigors, 1825

Хараҥаччылар (лат. Hirundinidae) диэн барабыайдыҥы көтөрдөр ыаллара. 19 ууска, ол эбэтэр 83 көрүҥҥэ арахсаллар. Антарктикаттан ураты аан дойду бары сирдэригэр олороллор. Хараҥаччы ордук элбэх арааhа Африкаҕа баар.

Хараҥаччылар бытархай үөнү-көйүүрү (сахсырҕаны, бырдаҕы, кырдаайыны) эккирэтиһэн, күннэрин үгүс өттүн салгыҥҥа атаараллар. Кынаттара уһун уонна чылбыгыр буолан, көтөллөрө түргэн, чэпчэки уонна сымсаҕай. Кылгас атахтаах буолан сиргэ көнтөрүктүк хаамаллар уонна хаһан эмэ түһэллэр.

Тус бэйэ туттар туруоруулара