Түмэл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Түмэл

Түмэл эбэтэр мусуой (нууч. музей диэн тыл гир. μουσεῖον — Муузалар дьиэлэрэ диэн суолталаах тылтан тахсыбыт) — устуоруйа, култуура хаамыытын кэрэһэлиир малы-салы хомуйар, үөрэтэр, харайар уонна көрдөрөр тэрилтэ, эбии үөрэтэр-сырдатар уонна билиини тарҕатар аналлаах.

Көмпүүтэр уонна интэриниэт сайдыбыттарын кэннэ араас диискэлэргэ уонна ситимҥэ виртуал түмэллэр үөскээбиттэрэ.

1946 сылтан аан дойдутааҕы тэрилтэ олохтоммута - ICOM (ааҥл. International Council of Museums). Бу тэрилтэ түмэллэри өйүүр уонна сайыннарар аналлаах. Билигин бу тэрилтэ 115 дойдуттан 27 000-тан тахса кыттааччылаах, ЮНЕСКО-ны уонна атын аан дойду тэрилтэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлиир.

ICOM хас үс сыл аайы ханнык эрэ дойдуга мустар.