Сан Франсиско

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Сан Франсиско
—  холбоммут хото-аймах  —
City and County of San Francisco
Flag of Сан Франсиско
Flag
Official seal of Сан Франсиско
Seal
Девиз: Oro en Paz, Fierro en Guerra (испанныы)
(сахалыы: "Эйэҕэ көмүс, сэриигэ тимир")
Дойду АХШ
Штат Калифорния
Аймах Сан Франсиско
Миссия бэс ыйын 29, 1776
Олохтонуута муус устар 15, 1850
Олохтооччу Хосе Хоакин Морага
Франсиско Палоу
Ким аатынан Ассизитааҕы Франческо
Иэнэ
 - Хото уонна аймах 231,89 sq mi (600,59 km²)
 - Сир 46,9 sq mi (121,48 km²)
 - Уу 184,99 sq mi (479,11 km²)  80.00%
 - Metro 3524,4 sq mi (9128,2 km²)
Үрдэлэ 52 ft (16 m)
Ордук үрдээбитэ 934 ft (285 m)
Ордук намтаабыта 0 ft (0 m)
Олохтоохторо (2020)
 - Хото уонна аймах 873 965
 - Чиҥэ 18 634,65/sq mi (7194,31/km²)
Кэм курдааһына Pacific Time Zone (UTC−8)
 - Сайын (Сайыҥҥы кэм) Pacific Daylight Time (UTC−7)
Сайт: sf.gov

Сан Франсиско (ааҥл. San Francisco), сорумдьу аата Сан Франсиско хотото уонна аймаҕа (ааҥл. City and County of San Francisco), диэн хоту Калифорнияҕа баар хото. Чуумпу далай уонна Сан Франсиско хомотун икки ардыларыгар Сан Франсиско тумул арыытын хоту уһугар баар. Сан Франсиско олохтоохторун ахсаана 873,965 киһи (2020), Калифорния 4-с улахан хотото, АХШ 17-с. Метрополитен сиригэр 7 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Сан Франсиско хомо сирин экономика уонна култуура киинэ буолар.

Сан Франсискону 1776 сыллаахха испан колонистара олохтообуттара. 1848 сылга Америка-Мексика сэриитин түмүгүнэн Сан Франсиско АХШ иһилигэр киирбитэ. 1849 сыллааҕы Калифорния көмүс аймалҕаныттан сылтаан манна баһаам элбэх киһи кэлбитэ. Мантан ыла Сан Франсиско Америка арҕаа кытылын ордук улахан хотото уонна порда буолбута. 1906 сыллааҕы сир хамсааһыныгар Сан Франсиско улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Иккис аан дойду сэриитин саҕана АХШ байҕал күүстэрин Чуумпу далайга сүрүн базата буолбута. Сан Франсискоҕа 1945 сылга Холбоһуктаах нациялар тэрилтэтин сиэрдьитэ баттаммыта. 1951 сылга Дьоппуоннуун эйэлэһии баттаммыта. Сэрии кэнниттэн манна элбэх сэрииһиттэр уонна иммиграннар олохсуйбуттара. Уонна түмэт эйгэтигэр улахан уларыйыылар буолбуттара саҥа быһыылар-майгылар күөрэйбиттэрэ: битник уонна хиппи контр-култууралара, секс өрөбөлүүссүйэтэ, Вьетнам сэриитин утарар эйэ хамсааһына, Таптал сайына, ЛГБТ көҥүллэрин туһугар хамсааһын. Бу түмүгүнэн Сан Франсиско билигин Америка бастыҥ либерал хотото буолар.

Сан Франсиско АХШ уонна аан дойду биир ордук сайдыылаах баай хотото буолар. Манна Wells Fargo, Salesforce, Uber, Airbnb, Twitter, Levi's, Gap, Dropbox, Lyft компаниялар бас салалталара бааллар. Онуоха баай уонна дьадаҥы хайдыһыыта улаатар. Наркотиктааһын, буруйу оҥоруу, дьиэтэ суохтар курдук түмэт кыһалҕалара үксүүллэр.

Кэрэхсэбиллээх сирдэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Үөрэх[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Култуура[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Спорт[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Транспорт[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]