Санников силбэһиитэ
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Санников силбэһиитэ. Олгуйдаах арыы уонна Ляхов кыра арыыта икки ардыларынан силбэһии. Лаптевтар байҕалларын уонна Илин Сибиирдээҕи байҕалы холбуур. Кэтитэ саамай синньигэс өртүгэр 55 км. Дьириҥэ 10 - 20 м кэриҥэ. 1773 сыллаахха түүлээҕинэн эргинэр саха промышленнига Уйбаан Ляхов арыйбыта. 1809 - 1811 сыллардаахха силбэһии хотугу кытылын чинчийбит Дьаакып Санников аатынан ааттаммыта.
[уларыт] Ылыллыбыт сирэ
Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.