Рис

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Рис
Билим классификацията
Саарыстыба: Үүнээйилэр
Аймах: Poales
Кэргэн: Poaceae
Уус: Oryza
Көрүҥ: O. sativa
Латыынныы аата
Аан дойдуга биллэр аата ыйыллыбатах
Вы можете помочь проекту,
поставив latin=название
внутри шаблона taxobox в тексте статьи

[[Категория:Үүнээйилэр алпаабытынан]]

Рис (Oryza sativa) диэн туорахтаах үүнээйилэр ыалларын биир өлүүлээх от үүнээйитэ. Рис туораҕа аан дойдутааҕы киһи аймах биир сүрүн аhа. Бастатан туран тропик Латин Америка, Кариб, Илин, Соҕуруу уонна Соҕуруулуу-илин Азия олохтоохторугар.

Рис биир сыллаах үүнээйи курдук үүннэриллэр, ол гынан баран тропик сирдэргэ элбэх сыллаах буолуон сөп уонна 20 сыл устата үүнүү биэриэр кыахтаах. Рис ото 1-1.8 м үрдүктээх, ол кырыhын арааhыттан уонна иҥэмтэтиттэн тутулуктаах. Сэбирдэхтэрэ 50-100 см уhуннаахтар уонна 2-2.5 см халыҥнаахтар. Туораҕа 5-12 мм уhуннаах уонна 2-3 мм халыҥнаах.

Рис культивацията үлэ күүһэ намыhах сыаналаах уонна өлгөм сөҥүүлээх дойдуларга уонна регионнарга барсар, тоҕо диэтэр рис үүннэрии олус сыралаах уонна элбэх ууну эрэйэр. Рис ханна баҕар үүнүөн сөп, оннооҕор туруору томторго эбэтэр хайаҕа.

Рис үүннэрии
Сиикэй, чочуйуллубут, үрүҥ рис туорахтара