Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ
Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ (Ааҥл: International Day of the World’s Indigenous, Испанныы: International Day of the World’s Indigenous, Фр.: la Journée internationale des populations autochtones) — атырдьах ыйын 9 күнүгэр бэлиэтэнэр.
1994 сыллаахха ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтоох омуктар уон сылларын биллэрбитэ, уонна бу уон сыл иһигэр атырдьах ыйын 9 күнүгэр анал күнү бэлиэтииргэ уураахтаабыта (ахсынньы 23 күнүнээҕи 49/214 № резолюцията).
Онтон 2004 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Генеральнай Ассамблея олохтоох омуктарга аналлаах иккис уон сылы биллэрбитэ (59/174 № резолюция) уонна бу күнү бэлиэтиири салгыыр туһунан эппитэ. Уонна ХНТ Генеральнай сэкиритээриттэн дойдулар бырабыыталыстыбаларыгар бу күнү судаарыстыбалар таһымнарыгар бэлиэтииргэ ыҥырарын көрдөспүтэ.
ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ 2005 сыллаахха Туһаайыытыгар эппитэ:
…расширить повсюду круг солидарности с коренными народами и совместно с ними работать над тем, чтобы обеспечить им возможности для развития в условиях мира и безопасности при уважении прав человека, в которых слишком многим из них слишком долго отказывали.
Аан дойду күнүн тиэмэлэрэ[уларыт]
- 2010 сыл — «Олохтоох омуктар киинэлэрин диэйэтэллэрэ»[1]
- 2009 сыл — «Олохтоох омуктар уонна ВИЧ/СПИД»
- 2008 сыл — «Дойдулар уонна олохтоох омуктар ыккардыларыгар иллэһии уонна бииргэ үлэлээһин»
Быһаарыылар[уларыт]
- ↑ ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ Пан Ги Мун тылыттан.