Кыттааччы:Ivpraskova1994

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ЭМИИЙ ИСКЭҤЭ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Эрдэ кинини "монахинялар ыарыыларынан" ааттыыллара. Тоҕо диэтэххэ, чуолаан бу ыарыыга таҥара дьиэтин үлэһиттэрэ дьахталлар ыалдьаллара. Аан дойду үрдүнэн эмиий искэҥиттэн сыл ахсын мөлүйүөнүнэн дьахтар олохтон туоруур.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Уопсайынан, искэҥ ыарыыттан үксүн дьахтар аймах өлөрө биллэр. Искэҥи кэмигэр буллахтарына, ыарыһах эмтэнэр кыахтаах. Бастакы түһүмэҕэр ыарыыны 100 бырыһыан кыайыахха сөбүн сыыппаралара туоһулууллар. Оттон иккис уонна үһүс түһүмэхтэргэ эмтэнэр кыах биллэрдик аччыыр. Искэҥ кими да харыстаабат. Киһи сааһыттан иҥнибэт, үрдүк соло, билсиһии, харчы да абыраабат.

2010 сыллаахха Канада эмчиттэрэ үс эрэ саастаах кыыс оҕоҕо эмиий искэҥин эпэрээссийэлээбиттэрэ. Искэҥ, сүрүнүннээн, уҥа эмиийгэ тахсара биллэр. Онтон эмчиттэр, саатар, сыл аҥаарыгар биирдэ дьахтар бырааһыгар сылдьарга уонна УЗИны ааһарга сүбэлииллэр.

Эмиий искэҥин төрүөтэ тугуй, ону хайдах билэбитий, эмтэнии хайдах барарый? Бу ыйытыыларга мэдиссиинэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, СӨ үтүөлээх бырааьа Петр Михайлович Иванов хоруйдуур:[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

-2015 сыллааҕы көрдөрүүнэн, 2005 сылтан, ол эбэтэр 10 сыл иһигэр, 100 тыһыынча нэһилиэнньэттэн Арассыыйаҕа эмиий искэҥигэр ыалдьааччы ахсаана 65, 1-тэн 84,8-ка диэри, 20,8 бырыһыан үрдээбит. Ахсаанынан таһаардахха, 66621 дьахтар ыалдьыбыт. Ол эбэтэр хас бэһис дьахтар бу ыарыыга хаарыйтарар. Эмиий араагар ыалдьааччы орто сааһа - 60-тан тахса. Ол эрээри эдэр саастаах дьахтар элбэх.

Искэҥ төрүөтэ туохха сытарый?[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Айылҕа аналыттан туорааһын. Хас биирдии дьахтар айылҕаттан аналлаах. Ол, биллэн турар, кэргэн тахсыы, оҕолонуу. Дьахтар айылҕаттан аналын толоруута кинини үгүс ыарыыттан быыһыан сөп. Эмиий искэҥигэр айылҕаны утары барыы: ол эбэтэр оҕону түһэртэри, сааһыран баран бастакы оҕону төрөтүү, кэмин иннинэ "ыйдаа5ы" кэлэн бүтүүтэ, төрүүр уорганнары эпэрээссийэлэтии тириэрдиэн сөп. Элбэх оҕолоох дьахталлартан бу ыарыыга ыалдьааччы суоҕун тэҥэ.

Оҕону эмнэриини тохтотуу.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Дахтар эмиийигэр "ыйдаа5ы" уонна оҕону эмнэрэр кэмҥэ араас уларыйыы буолар. Кэмин иннинэ оҕону эмнэрэн бүппүт эбэтэр ончу эмнэрбэтэх дьахталлар эмиий искэҥигэр ыалдьыылара үгүс. Онон хас кыыс, дьахтар ийэ буолар аналын толорорго дьулуһуохтаах, төһө кыалларынан уһуннук оҕотун эмнэриэхтээх.

Удьуорунан бэриллии.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сахаҕа искэҥ дэҥ кэриэтэ төрүккүттэн-уускуттан бэриллэр. Тоҕо диэтэххэ, бэрт соторутааҥҥа эрэ диэри сахаҕа оҕону түһэртэрии диэн суоҕа, дьахталлар оҕолорун хойукка диэри эмнэрэллэрэ, айылҕа да чөл этэ. Соҕуруу дойдуларга оҕону түһэртэрии - урут-уруккуттан баар быраактыка. Онон булкааһа суох сахаларга эмиий искэҥэ төрүттэн бэриллэрэ оруна суох.

Аьылык.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Аһылык киһи доруобуйатыгар суолтатын туһунан этилиннэ ини, этиллибэтэ ини. Ыраас уонна сибиэһэй ас үгүс ыарыыттан быыһыыра биллэр. Куннээҕи аһылыкка сыата-арыыта, араас эбиилигэ суох ыраас аһылыгы тутуһуохха наада.

Хамсаныы.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хамсана-имсэнэ, сэргэхтик сылдьар киһи ыарыыга ылларыыта аҕыйах. Ити эмиий искэҥигэр эмиэ сыһыаннаах.

Эмп содула.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хат буолбат туһуттан иһиллэр эмп содула улахан.

Арыгы, табах, тас эйгэ, олохсуйбут ыарыылар, санаа түһүүтэ.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ыарыы хайдах биллэрий?[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Киһи барыта ыарыы кинини тумнуоҕун курдук саныыр. Дьахтар кэмиттэн кэмигэр бэйэтин көрүнэ, чинчийэ сылдьыан наада. Эмиийи сыныйан, тутан-хабан көрүллүөхтээх. Эмиий кытааппыт, улааппыт буолаҕына, маммологка бара охсуохха наада. Сорохтор мастит ыарыыга күтүрээн, күнү-дьылы барыыллар. Сылга иккитэ, муҥ саатар, биирдэ маммологка көрдөрөр, УЗИга туһэр наадалаах. Кыраадыстаныы, аһыыр баҕа сүтуутэ, эмиийтэн сүмэһин, ириҥэ тахсыыта- искэн сайдан ырааппытын бэлиэтэ.

Искэҥи эмтиэххэ сөп[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ыалдьыбыт киһи уһун эмтэниигэ өйдүүн-санаалыын бэлэмнэниэхтээх. Чугас дьонун өйөбүлэ улахан оруоллаах. Сэрэтэн эттэххэ, эмтэнии болдьоҕо да, көрүҥэ да ыарахан. Искэн бастакы түһүмэҕэр эпэрээссийэлэнии ыарыытарҕаныытын тохтотуон сөп. Ыарыы баалаан ырааппыт, тарҕаммыт буоллаҕына, эпэрээссийэ тута оҥоһуллубат, химиотерапия ананар. Ол этисиини эпэрээссийэҕэ бэлэмниир. Эпэрээссийэ кэнниттэн онколог-бырааска учуокка турар наада. Ыарыы хаттаан күөдьүйүөн эмиэ сөп. Искэҥи кэмигэр биллэххэ, эмтэниэххэ, муус доруобай да киһи буолуохха сөп. Онуоха хара ааныттан бэйэҕэ болҕомтолоох буолуохха наада. Киьи олоҕо биир. Оттон олоҕо дьоһуннук олорорго доруобай сылдьарбыт улахан оруоллаах.

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

КЫЫМ норуот хаһыата 38№(22386) 2018 сыл балаҕан ыйын 27 күнэ стр.13