Коралл
Коралл — органогеннай, ол аата тыынар-тыыннаах «оҥорбут» минераалларыгар киирэр таас. Полииптар диэн байҕал харамайдарын колонияларын дьардьамата буолаллар. Бу дьардьамалар кальцииттан эбэтэр арагонииттан тураллар. Үрүҥ корааллары ювелиирдар соччо туһамматтар. Корааллар икки эрэ көрүҥнэрэ сыаналаналлар: кыһыл (тарҕаммыт) уонна хара - акабар.
Кораалл киэргэллэри былыргы цивилизациялар билэллэр этэ: шумердар, египтяннар уонна былыргы гириэктэр.
Аба-хомуһуна [уларыт]
Былыргы гириэктэр кыһыл корааллары өлбөт буолуу уонна дьол бэлиэтинэн ааҕаллара. Орто үйэҕэ Европаҕа кораалл сэмэй-көрсүө буолуу бэлиэтэ этэ. Гириэк уонна Былыргы Рим үһүйээннэригэр драконнар мэйиилэригэр корааллар баалларын туһунан кэпсэнэр.
Эмкэ туттуллуута [уларыт]
Японияҕа үрүҥ корааллартан ньыһыллыбыт бороһуогу уҥуох тостуутугар тутталлар. Португалияҕа кораалтан оҥоһуллубут оҕуруо төбө ыарыытын аһарар, оттон Англияҕа — күөмэй ыарыыларыттан эмтиир диэн саныыллар.