Категорияны ырытыы:Аналлаах сирэйдэр

Сирэй ис хоһооно атын тылга суох.
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
                                                Эбэм Иванова Ксения Гаврильевна туhунан
             Араас сиргэ, кэмҥэ – киhи-аймах, олорор үйэтин тухары, элбэхтэ сэриилэhэн кэллэ. Ол эрэн сир үрдүнэн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар курдук элбэх элүүлээх-сүтүүлээх, урусхалаах, муннах-сордоох кэмнэр киhи-аймах историята билбэт буолуохтаах. Сэрии тэлэҥэ 6 сыл тухары 61 госудаарыстыба 1 млрд 700 мөлүйуөн киhини тумэ тардыбыта. Ону таhынан 50 мөлуйуэн. Дьон оло5ун быспыта.
             Сэрии ыар тыына Советскай Союз норуотугар туспутэ. Ол курдук үгүс эр дьон, эдэркээн бастын уолаттар, кыргыттар, фронна ынырыллыбыттара. Үгүстэрэ уоттаах сэрии хонуутугар тыыннарын толук уурбуттара. Оттон тыылга хаалбыт дьахталлар, о5олор, о5онньоттор, эмээхситтэр, кыайыы туhугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ. Ити хорсун дьон иhигэр мин эбэм Иванова Ксения Гаврильевна баар этэ. Кини сэрии саҕаланыытыгар 15 эрэ састаах кысчаан этэ.
              Эбэм Ксения Гаврильевна ахтыытыгар сэрии саҕана, аас-туор олох кэмигэр ыраах Саха сиригэр, Сунтаар улууhугар тыа сирин промышленнаhа бастакы хардыылара саҕалламмыттара көстөр. Кини ахтыытын уөрэтэн, ол кэмнээҕи ыарахан олоҕу кыракый кыысчаан санныгар сукпутун сөҕө-соhуйа биллим, кыайыы туhугар бэйэни харыстаммакка эйэлээх олох туhугар охсуhуу-улэ киhини сөхтөрөр ол саҕанааҕы көлуөнэннэн киэн туттуу, кинилэр үлэлэрэ үүнэр көлуэнэ5э холобур буолар
              Мин эбэм Иванова Ксения Гаврильевна 1926 сыллаахха Тойбохой нэhилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбутэ.
              Аҕата Гаврил Уаров Тойбохой Туойдааҕыттан төруттээх, ийэтэ Татьяна Иванова Арыылаах Бакымдатыттан төруттээх. Ксенья бу ыалга бастакы оҕоннон күн сирин көрбутэ, балта Варвара төрүүрүгэр ийэтэ өлөн тулаайах хаалаллар. Ыал улахан оҕото буолан дьиэ ис-тас үлэтигэр сүрүн көмөлөhөөччүннэн буолбута. 10 сааста5ар Тэнкэттэн сатыы хааман 5 кылааска диэри оскуолаҕа уөрэнэр. Оскуолаҕа уөрэнэ сырыттаҕына аҕата Мария Христофоровнаны кэргэн ылар.Сэрии кэнниттэн кыыстаах, уол оҕолоноллор.
              Эбэм Иванова Ксения Гаврильевна оҕо сааhыттан ол кэмнээҕи күүстээх үлэтэ бэлиэтэммитэ. Сэрии сылларыгар үчүгэй үлэтин иhин 1946 сыллаахха, алтынньы 6 кунугэр «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 годах» диэн Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
              Сэрии бүппүтүн да кэннэ илии ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ. 1949 сыллаахха, дойдутугар Тойбохойго эргиллэн сельпо остолобуойугар икки сыл үлэлиир, ол кэннэ 1976 сыллаахха бочуоттаах сынньаланна тахсыар дылы, 25 сыл устата, биэкэринэн үлэлээбитэ.
               Ол курдук икки эрэ биэкэр буолан үлэлииллэрэ. Сельпо председателинэн оччолорго Осипов Николай үлэлиирэ. Силиппиэн диэн оҕонньор бурдугу Сунтаартан таhара. Суол суоҕар, бырыы да, бадараан кэмигэр куөлтэн оҕуhнан икки мас буочукаҕа, тэлиэгэҕэ тиэнэн уу баhаллара. Бу оҕустара күрүөhүт буолан бурдук оҕуруотун түннэри кэтэн, алдьатан, биэкэрдэр мөҕүллэллэрэ, сэмэҕэ тардылаллара.
               Ол курдук мин эбэм сэрии саҕанааҕн күүстээх үлэтэ Улуу сэриигэ Кыайыыны уhансыбытынан киэн туттабын, ол кэмнээҕи көлүөнэ үлэтэ үтүө холобур буолар. Биhиги дьоллоох олохпутун иhин уhансыбыт үлэлэрин-сырыыларын үүнэр эдэр ыччат ытыктаах, сүгүрүйэр тустаах.