Иванова Ксенья Гаврильевна

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Араас сиргэ, кэмҥэ киhи-аймах, олорор үйэтин тухары, элбэхтэ сэриилэhэн кэллэ. Ол эрэн сир үрдүнэн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар курдук элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх, урусхаллаах, сордоох-муҥнаах кэмнэри киhи-аймах историята билбэт буолуохтаах. Сэрии төлөнө 6 сыл тухары 61 судаарыстыба 1 млрд 700 мөлүйуөн киhини түмэ тардыбыта. Ону таhынан 50 мөлүйүөн дьон олоҕун быспыта.

Сэрии ыар тыына Сэбиэскэй Сойуус норуотугар туспутэ. Ол курдук үгүс эр дьон, эдэркээн бастыҥ уолаттар, кыргыттар фронҥа ыҥырыллыбыттара. Үгүстэрэ уоттаах сэрии хонуутугар тыыннарын толук уурбуттара. Оттон тыылга хаалбыт дьахталлар, оҕолор, оҕонньоттор, эмээхситтэр, кыайыы туhугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ. Ити хорсун дьон иhигэр мин эбэм Иванова Ксения Гаврильевна баар этэ. Кини сэрии саҕаланыытыгар 15 эрэ састаах кыысчаан этэ.

Ксения Гаврильевна ахтыытыгар сэрии саҕана, аас-туор олох кэмигэр ыраах Саха Сиригэр, Сунтаар улууһугар тыа сирин промышленнаоhа бастакы хардыылара саҕалламмыттара көстөр. Кини ахтыытын уөрэтэн, ол кэмнээҕи ыарахан олоҕу кыракый кыысчаан санныгар сукпутун сөҕө-соhуйа биллим, кыайыы туhугар бэйэни харыстаммакка эйэлээх олох туhугар охсуhуу-улэ киhини сөхтөрөр ол саҕанааҕы көлуөнэҥэн киэн туттуу, кинилэр үлэлэрэ үүнэр көлуэнэҕэ холобур буолар.

Иванова Ксения Гаврильевна 1926 сыллаахха Тойбохой нэhилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбутэ. Аҕата Гаврил Уаров Тойбохой Туойдааҕыттан төруттээх, ийэтэ Татьяна Иванова Арыылаах Бакымдатыттан төруттээх. Ксенья бу ыалга бастакы оҕонон күн сирин көрбутэ, балта Варвара төрүүрүгэр ийэтэ өлөн, тулаайах хаалаллар. Ыал улахан оҕото буолан дьиэ ис-тас үлэтигэр сүрүн көмөлөhөөччүнэн буолбута. 10 саастааҕар Тэҥкэттэн сатыы хааман 5 кылааска диэри оскуолаҕа уөрэнэр. Оскуолаҕа уөрэнэ сырыттаҕына аҕата Мария Христофоровнаны кэргэн ылар. Сэрии кэнниттэн кыыстаах уол оҕолоноллор. Кини оҕо сааhыттан ол кэмнээҕи күүстээх үлэтэ бэлиэтэммитэ. Сэрии сылларыгар үчүгэй үлэтин иhин 1946 сыллаахха, алтынньы 6 кунугэр «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 годах» диэн Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Сэрии бүппүтүн да кэннэ илии ыарахан үлэтигэр үлэлээбитэ. 1949 сыллаахха, дойдутугар Тойбохойго эргиллэн сельпо остолобуойугар икки сыл үлэлиир, ол кэннэ 1976 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы, 25 сыл устата биэкэринэн үлэлээбитэ.

Ол курдук икки эрэ биэкэр буолан үлэлииллэрэ. Сельпо председателинэн оччолорго Осипов Николай үлэлиирэ. Силиппиэн диэн оҕонньор бурдугу Сунтаартан таhара. Суол суоҕар, бырыы да, бадараан кэмигэр куөлтэн оҕуhнан икки мас буочукаҕа, тэлиэгэҕэ тиэнэн уу баhаллара. Бу оҕустара күрүөhүт буолан бурдук оҕуруотун түҥнэри көтөн, алдьатан, биэкэрдэр мөҕүллэллэрэ, сэмэҕэ тардылаллара.

Ол курдук эбэм сэрии саҕанааҕн күүстээх үлэтэ Улуу сэриигэ Кыайыыны уhансыбытынан киэн туттабын, ол кэмнээҕи көлүөнэ үлэтэ үтүө холобур буолар. Биhиги дьоллоох олохпутун иhин уhансыбыт үлэлэрин-сырыыларын үүнэр эдэр ыччат ытыктыах, сүгүрүйүөх тустаах.