Далбар (тыл)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Далбар 1. аат. А) үрд. Кими эмэ күндүлээн-маанылаан көрсүһүү. Б) эргэр., фольк. Аһыыр остуол. В) эргэр. Кымыс кутарга аналлаах улахан туос эбэтэр тирии иһит. Г) поэт. Уйгулаах-быйаҥнаах үтүө, кэрэ сир. Д) Бары наадыйыынан хааччыллыы; кыһалҕата суох олох.

2. даҕ. суолт. А) Мааны, бастыҥ. Б) Өҥ, тот, дэлэй. В) Киэҥ-куоҥ, дуолан.

Аан дойду араҕас далбар быара (фольк.) – аан дойду саамай уйгулаах, үтүө айылҕалаах киинэ. Айыы далбар (поэт.) – эйэҕэм, амарах. Араҕас арыы далбардаах фольк. – өҥ-быйаҥ үүнүүлээх; уйгулаах. Араҕас далбар (фольк.) – байылыат, уйгу-быйаҥ. Далбар олох (эргэр.) – чулаан иһинээҕи эбэтэр быыс кэннинээҕи атах орон. Далбар чабычах (эргэр.) – айыылары, иччилэри күндүлүүргэ анаан ат сиэлинэн, талаҕынан таҥалайдыы ойуулаан тигиллибит арыылаах кымыһы кутарга аналлаах туос иһит. Далбар Чуонах – Аллараа дойдуга соҕуруу халлааҥҥа олорор абааһы аата. Далбар чэчир – ыһыахха, урууларга уо.д.а. маҥан сылгы сиэллээх кутуругунан ситии хатан киэргэтиллибит хахыйах.