Грэмми
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
«Грэмми» (Ааҥл: Grammy) — Америка звукозапиһын академиятын музыкаҕа бириэмийэтэ. 1957 сыллаахтан баар. Билиҥҥи аан дойду музыкатын индустриятыгар саамай сыаналанар бириэмийэлэртэн биирдэстэрэ. Киинэҕэ Оскар бириэмийэни кытта тэҥниэххэ сөп.
Бастыҥ түөрт [уларыт]
Бастыҥ түөрт (Ааҥл: The Big Four) — Грэмми саамай сыаналанар наҕараадалара:
- Сыл суруттарыыта / Record of the Year
- Сыл альбома / Album of the Year
- Сыл ырыата / Song of the Year
- Уһулуччулаах саҥа артыыс (или музыкальный коллектив) / Best New Artist