Бикипиэдьийэ:Сирдьит/Тэрилтэ суолтата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
3. Суолтата
4. Төрүттэрэ
5. Иһинээҕитэ
6. Түмүгэ
Суолта

Туох эрэ эбэтэр ким эрэ туһунан бэчээккэ элбэхтэ суруллубут буоллаҕына, ол кини суолталааҕын туоһулуон сөп.

Бикипиэдьийэ:Суолта
Суолта

Аан дойдуга баар тэрилтэлэртэн отой аҕыйахтара эрэ Бикипиэдьийэҕэ киирэр кыахтаахтар. Мөлүйүөнүнэн ааҕыллар тэрилтэлэртэн 0,1 % эрэ Бикипиэдьийэҕэ киирэр суолталаахтар.

Тэрилтэ суолта киритиэрийдэрригэр сөп түбэһиэхтээх. Онно этиллэринэн тиэмэ элбэхтик ыйааһыннаах төрүттэргэ, холобур хаһыаттарга, сурунаалларга, билим ыстатыйаларыгар, кинигэлэргэ сырдатыллыбыт буолуохтаах.

Сорук утарыта турсуута уонна эрэкилээмэ

Өскөтө Эн суруйаары гынар тэрилтэҕин кытта ыкса ситимнээх буоллаххына, сорук утарыта турсуута үөскүөн сөп, онтон сылтаан үчүгэй, кытыга суох сыһыан тутуһуллубут, энциклопедияҕа сөп түбэһэр ыстатыйаны суруйуо суоххун сөп. Арбаабакка эрэ эрэ суруйарыҥ сатаныа суоҕун сөп — оттон Бикипиэдьийэҕэ эрэкилээмэ быраабыланнан бобуллар. Онон, арбааһыҥҥа майгынныыр, эбэтэр суолта киритиэрийдэригэр сөп түбэспэккэ түргэнник сотуллуон сөп. Маннык түгэҥҥэ тугу да гыммаккар сүбэлиибит: өскөтө тэрилтэҥ суолталаах буоллаҕына, ким эрэ, урут дуу, хойут дуу син биир кини туһунан ыстатыйаны суруйуо. Ол оннугар атын ыстатыйата суруй — холобура, тэрилтэҥ үлэлиир эйгэтин туһунан.


Тэрилтэҥ ирдэбилгэ хоруйдуур дуо?