Уол оҕону иитии

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өр кэмҥэ сэбиэскэй былаас сабардаан аҥардастыы материализм үөрэҕин, атеизмы тутуһан, атын өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбута. Ханнык да өй-санаа үөрэҕэ суох диэн этэн эдэрдэри иитэн, үөрэтэн улаатыннарыахпыт диэн сыыһа саныыллара уонна “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыынан салайтарбыттара оҕолору атаахтатан, үөрэҕи эрэ эккирэтэн, үлэни-хамнаһы кыайбаттарыгар тириэрдибитэ.

Билигин кэлэн өй-санаа үөрэҕэ суоҕун охсуута аан бастаан уолаттары хаарыйда. Элбэх эдэр уолаттар майгылара мөлтөөн, оҥорор быһыылара олус куһаҕан буолан иһэллэриттэн, бу дьыала дьаалатынан баран иһэрэ табыллыбат кэмэ кэллэ диэн санаа төрөппүттэргэ дьэ киирэн эрэр. Бу дьыалаҕа мустан аһаҕастык кэпсэтии, уол оҕолору иитиигэ туһалаах Улуу тойон таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии эрэйиллэр буолла.

Оҕону иитиигэ аан маҥнай өйбүт-санаабыт төрүттэрин оннуларын буллартыырбыт туһалыа этэ. 70-тан тахса сыллар усталарыгар сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥортуу сатаабыта да, хата бэйэтэ сууллубута, эстибитэ. Арай өйү-санааны оччотооҕу токурутууну сэбиэскэй былаас саҕана мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, нуучча тылын учууталлара билигин даҕаны салҕаан ыытан иһэллэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр. Кинилэр айбыт “айыыларын үөрэҕэ” оҕону иитиигэ сэбиэскэй былаас оҥорбут сыыһатын, халытыытын салҕаан иһэр.

Билигин байыы, баайы-малы мунньунуу, олох көнөн иһиитэ сыыйа-баайа сайдан иһэр чинчилээх. Байар-тайар баҕа санаа дьоҥҥо барыларыгар баарынан, бу баҕа санааны толорууну тутуһуу дьон ордук күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлииллэрин көҕүлүүр кыахтаах. Дьон үчүгэйи оҥостоору, байаары, олохторун тупсараары эрэ үлэлииллэрэ кырдьыга быһаарыллар. Эр киһи үлэни-хамнаһы кыайыыга анала дьахталлардааҕар быдан үрдүк. Эр киһи оҕо төрөтүүтүгэр, иитиитигэр кыттыгаһа кыратыттан элбэхтик үлэлиир анала өссө улаатан биэрэр.

Эмискэ байыы биир киһиэхэ үчүгэйи, байар баҕатын толорон баайдык-тоттук сылдьарыгар тириэрдэр, онтон оҕолоругар, кэлэр көлүөнэлэригэр улахан куһаҕаны оҥорор. Биһиэхэ эмиэ туох эмэ быстан түһүөҕэ, эмискэ байыахпыт диэн өйдөбүлгэ оҕолору киллэрэринэн бэлэми кэтэһэ сылдьар, үлэни-хамнаһы кыайбат эдэрдэр улаатыахтарын сөп. Аһара баран байыы иһин туруулаһыы өйү-санааны халытарынан өйгө-санааҕа охсуута улаатан хааларыттан эдэрдэр көмүскэллэнэн, көрсүө, сэмэй майгыланнахтарына эрэ туруктаах өйү-санааны ситиһэллэрэ кыаллар.

Дьон бары баҕа санааларынан оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин киһи быһыылаах буолууга иитии уонна үөрэтии буолар. Иитии уонна үөрэтии диэн тус-туспа көрүҥнэр уонна атын-атын кэмнэргэ туттуллалларын арааран билиэ этибит. Ол курдук оҕо кыра өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр, онтон улаатан истэҕинэ салгын кута үөрэҕи ылынан үөрэнэр уратыларын тутуһуу эрэйиллэр.

Үөрэтии диэни бары билэбит. Атын киһи үөрэҕи иҥэрэн биэриитэ үөрэтии диэн ааттанар. Араас элбэх үөрэхтээхтэр этиилэринэн, суруйууларынан туһанан хас биирдии төрөппүт оҕолорун үөрэтэр кыахтаахтар, онтон үөрэнии диэн оҕо бэйэтэ билэн-көрөн үөрэнэрэ, үөрэҕи иҥэринэрэ ааттанар.

Иитии диэн оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кутун бэлэм билиинэн иитэн биэрии буоларын туспа арааран туһаныы эрэйиллэр. Ийэ куту иитии диэн оҕолорбутун кыра эрдэхтэринэ үтүгүннэрэн, батыһыннаран өйдөрүгэр-санааларыгар үчүгэй үгэстэри үөскэтэн биэрии буоларын билэн туһаныахпыт этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ кини эраас элбэх быстах баҕа санааларын олус аахсар табыллыбат. Аан маҥнай наадалаах, бу кэмҥэ туһалаах диэни оҕо арааран билбэтиттэн маҥнайгы, үөрэниэр диэри оҥорор быһыыларын күһэйэн оҥотторуу иитии диэн ааттанар. Оҕо хаһан утуйар кэм кэлэрин билбэтиттэн күнэ, түүнэ эргийэн хаалара үгүстүк бэлиэтэнэр. Түүн уһуктан аһаан баран көнньүөрэн, үөрэн-көтөн букатын утуйбакка эрэйдээн баран, күнүс утуйан хааларга түргэнник үөрэнэр. Манна төрөппүт бары кыаҕын ууран күнүс утуппакка соһон-сыһан режимин көннөрөн биэрдэҕинэ эрэ, оҕо көрүүтэ табыллар. Режими тутуһарга үөрэтии диэн эмиэ ыгааһын, ханнык эрэ хааччах буолар.

Кыыс уонна уол оҕолору детсадтан саҕалаан, оскуолаҕа бииргэ үөрэтии уол оҕолор хам баттана сылдьалларыгар, дьахтар курдук майгыланалларыгар тириэрдибитэ үлэни-хамнаһы кыайарбытын суох оҥордо. Уол оҕото мэниктээн, хайаан, буруйу оҥорон куруук мөҕүллэрэ, муннукка турара элбэх. Бэрээдэктээх, буруйу, куһаҕаны оҥорбот кыыс оҕолор хайҕанан, холобурга киирсэллэрэ, буруйу оҥорор уол кинилэри батыһан үөрэнэрэ, дьахтар иитээччилэрин быһаччы үтүктэригэр тириэрдэр.

Оскуолаҕа учууталлар бары кэриэтэ дьахталлар. Бэрээдэктээх кыыс оҕолору холобур туттан уол оҕолору үөрэтэллэр. Уол оҕо манна эмиэ туох эмэ уратыны оҥорон туоратыыга, баттабылга түбэһэр, дьахталлары батыһа сылдьарга үөрэнэр.

Уол оҕо аан бастаан үлэҕэ-хамнаска үөрэнэрэ ирдэнэр. Уол оҕо анала – үлэ, булуу-талыы, улааттаҕына ыалы хааччыйарын кыра эрдэҕиттэн билэн көрсүө, сэмэй, туһа киһитэ буолууттан саҕалаан бары үлэни баһылыырга үөрэтиллиэ этэ.

Биһиги оҕо өйө-санаата сайдарыгар кыра эрдэҕинэ үөскээбит ийэ кута улахан оруоллааҕын ааҕан уол уонна кыыс оҕолору детсадтан саҕалаан оскуолаҕа эмиэ тус-туспа үөрэтэр ордук диэн этэбит. Кыыс уонна уол олоххо ситиһэр сыаллара тус-туспаларыттан ити быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэллэр. Кыыс оҕо аан маҥнай ийэ буолар аналлаах, эр киһиэхэ бэйэтин утумнуур оҕону төрөтүөхтээх, ол кэнниттэн үөрэҕи, үлэни-хамнаһы ылыннаҕына, барыта холбоон олоххо ситиһиитэ улаатарын билинии эрэйиллэр.

“Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этии аан маҥнай уол оҕолору иитиигэ, үлэҕэ үөрэтиигэ аналланар. Өһөс диэн тулуур өссө кытааппыта, бөҕөргөөбүтэ ааттанар. Өсөһөбүн, ол аата тулуурбун көрдөрөбүн. Киһи төһө тулуурдаах даҕаны ыарахаттары, үлэни-хамнаһы кыайарын таһынан, сыыһа-халты туттубат кыаҕа улаатан биэрэр. Уол улаатан истэҕинэ аҕатын үлэ бары көрүҥнэригэр, өйүнэн-санаатынан уонна оҥорон таһаарарынан баһыйар буола улааттаҕына эрэ олоххо сайдыыны, тупсууну аҕалар кыахтанарын төрөппүттэр билиэ этилэр.

Оҕо кэлэр көлүөнэ киһитэ. Кини ийэ кута хайдах иитиилээх даҕаны кэлэр көлүөнэлэр сайдыыны ситиһэр кыахтара быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас оҕолору дьахталлар баһылааһыннарынан атаахтык иитии диэки салаллан хаалыытыттан, кэлэр көлүөнэлэр быста мөлтөөннөр үлэни-хамнаһы кыайбаттара олоҕурбутуттан, бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Бу быһыы аһара баран билигин Россияҕа үлэ-хамнас кыаттарбат, аҥардастыы айылҕа баайын хостооһунун эрэ кыайабыт. Уол оҕолору бэйэтэ ыал аҕата буолбут эр дьон эрэ иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ ордук туһаны аҕалар.

“Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа” диэн өс хоһооно уолу аҕа эрэ иитэн туйаҕын хатартарарын чуолкайдык быһаарар. Бары аҕалар уол оҕо иитиитигэр, үлэҕэ-хамнаска үөрэниитигэр ылсыһаргытыгар баҕарабыт. Уол оҕо аймаҕы, ааты-суолу салҕыырын билэн кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй, тулуурдаах буолууга иитэн уһун үйэни ситистэҕинэ аймахтар сайдан иһэллэрин төрүттүүр.

Аймахтар, омук сайдыыларыгар уол оҕолор ордук улахан туһалаахтарыттан былыргыттан уол оҕолору үрдүктүк сыаналааһын омуктарга олохсуйбут. (1,64).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.