Амарилло

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Амарилло (ааҥл. Amarillo) — АХШ соҕуруу өттүгэр Техаас штаакка баар куорат. Олохтоохторун ахсаана 180,6 тыһ. киһи, тулалыыр түөлбэлэри аахтахха 3 мөл. киһи (2004). Тыа хайаайыстыбатынан дьарыктанар сир (сүөһү, бурдук, сорго) бөдөҥ киинэ. Ону таһынан алтаны ыраастыыллар, ядернай сэрии сэби хомуйаллар, ас бырамыысыланнаһа баар. Амарилло аттыгар гелий бөдөҥ хасааһа баар.