Субтитры для «Билэ:GimnGornuiUlus.ogg» (саха тыла)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Саҥалыы олоҕу тутарга
Саталлаах, дьоҕурдаах, талааннаах,
Сайдыылаах сайаҕас ыччаттаах
Куорунай дьонноро
Үүнэр-үрдүүр дьулуурбут —
Уйгулаах олохпут мэктиэтэ.
Хос ырыата
Эн өрүүтүн үүнэ тур, мин дойдум, үрдүккэ көт,
Эн өрүүтүн чэчирии, сайда тур
Сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ.
Иккис кэрчигэ
Күргүөмнээх үлэнэн оргуйан,
Кыайыыттан кыайыыга кынаттыыр
Чөл-чэбдик олоххо тардыһар
Куорунай дьонноро
Саҥаны айар-тутар
Сарсыҥҥы саргыны саҕабыт.
Хос ырыата
Эн өрүүтүн үүнэ тур, мин дойдум, үрдүккэ көт,
Эн өрүүтүн чэчирии, сайда тур
Сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ.
Үһүс кэрчигэ
Төлкөнү бэйэбит түстэнэн,
Баай-талым олоххо тиийэргэ
Үөрэхтээх, дэгиттэр идэлээх
Куорунай дьонноро,
Турунуох, бииргэ түмсэн,
Дьол-соргу, барҕарыы туһугар!
Хос ырыата
Эн өрүүтүн үүнэ тур, мин дойдум, үрдүккэ көт,
Эн өрүүтүн чэчирии, сайда тур
Сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ.
Эн барыбыт тапталбыт, эрэлбит, киэн туттуубут,
Эн уруйдан-айхаллан, туругур,
Тапталлаах мин дойдум, Куорунай!