Kanthari

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Институт дьиэтэ

Kanthari International (эрдэ Аан Дойдутааҕы түмэт урбаанньыттарын института диэн биллэрэ, The International Institute for Social Entrepreneurs эбэтэр IISE) — Индия эргиэнэ суох института, Тируванантапурамҥа (Керала) баар түмэт урбааныгар идэтийбит дьону бэлэмниир тэрилтэ. Хараҕа суохтарга көмөлөһөр Аан Дойдутааҕы Braille Without Borders (BWB) диэн тэрилтэ иһинэн үлэлиир. Институту 2005 сыллаахха хараҕа суох ниэмэс түмэт үлэһитэ уонна BWBы тэрийсээччи Сабрийе Тенберкен уонна Пол Кроненберг тэрийбиттэрэ. Институт бастакы дьарыктара 2009 сыллаахха саҕаламмыттара.

Институт түмэт урбааныгар эбэтэр атын эйгэҕэ (экология уонна үөрэҕирии бырайыактара, ааҥл тылын үөрэтии уо.д.а.) үлэлиэн баҕалаах дьадаҥы дьоҥҥо сэттэ ыйдаах үөрэҕи ааһарга кыах биэрэр. Семинардары Аан Дойду таһымнаах идэлээх дьон ыытар. Сорох үөрэнээччи хараҕа суох, ким эрэ Африка уонна Аасыйа араас дойдуларыгар аччыктааһыны, сэриини, баттабылы уонна ыарыылары ааспыт. Институт бэлиэтэ - Кералаҕа үүнэр кантхари диэн ааттаах чили переһын көрүҥэ.

2003 сыллаахха Сабрийе Тенберкен уонна Пол Кроненберг бэйэлэрин үлэлэрин иһин Голландия хотунун уурааҕынан рыцарь буолбуттара. 2005 сыллаахха Сабрийе Тенберкен Нобель Эйэ премиятын ыларга бэлиэтэммитэ уонна Давос Аан Дойдутааҕы экономикаҕа форумуттан «Аан Дойду эдэр салайааччыта» диэн ааты ылбыта, 2011 сыллаахха The Innovative and Novel Computational Impact on Theory and Experiment (INCITE) түмэт урбааныгар премиятын ылбыта. Тенберкен Аан Дойдутааҕы түмэт урбаанньыттарын институтун тэрийиэн иннинэ Тибетка хараҕа суохтарга оскуола арыйбыта уонна тибет тылынан Брайль суругун сайыннарбыта[1][2][3][4][5][6][7][8].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Sabriye Tenberken (German)(ааҥл.). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  2. True vision(ааҥл.). The Times of India. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  3. International Institute for Social Entrepreneurs (IISE)(ааҥл.). Braille Without Borders. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  4. International Institute for Social Entrepreneurs(ааҥл.). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  5. Lighting up lives - International Institute for Social Entrepreneurship (IISE)(ааҥл.). Stripped Law. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  6. The International Institute of Social Entrepreneurship(ааҥл.). Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  7. UST Global and Kanthari International(ааҥл.). UST Global. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.
  8. Enrollment open for 2013 Kanthari International leadership course(ааҥл.). The Times of India. Тургутулунна 12 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]