Иһинээҕитигэр көс

BKash

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

bKash Limited[1] — Бангладеш хампаанньата уонна биир ааттаах микрофинансовай мобильнай банкиҥ платформата; дойду иһинэн бастакы уонна бастыҥ хампаанньа[2][3][4][5].

Хампаанньата аата - тыл оонньуута, ааты түргэнник аахтахха "сайдыы" диэн бенгальскай тылга майгынныыр[2].

bKash Limited  хампаанньа 2010 с. тэриллибитэ уонна 2011 сыл от ыйыгар рынокка тахсыбыта[2][6]. Бастаан 2008 сыллаахха Камал уонна Икбал Кадир ини-биилэр үлэлэтэ сатаабыттара, ол гынан баран Бангладеш Киин Баана лицензия биэрбэтэҕэ[2].

bKash Limited  хампаанньаны BRAC Bank[en] уонна Money in Motion LLC (5 мөл доллар)[2] тэрийсибиттэрэ. 2013 сыл муус устарыгар Аан Дойдутааҕы финансовай корпорацияттан көмө киирбитэ[2]. Кэлин 2013 с.  Аан Дойдутааҕы баан, Билл уонна Мелинда Гейтс Пуондалара (10 мөл доллар)[6] уо.д.а. тэрилтэлэр көмөлөспүттэрэ[2].

BRAC Bank ийэ тэрилтэ буолан  bKash 51 % акциятын бас билэр,[2].

Камал Кадир bKash Limited салайар, Икбал Кадир хампаанньа Салайааччыларын Сүбэтигэр киирэр[2]. Салайааччылар Сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ — Мухаммад А. (Руми) Али (ааҥл. Muhammad A. (Rumee) Ali)

Кадир ини-биилэр Бангладеш тыатын олохтоохторо судургу финансовай операцияны (безналичный перевод, займы ылыы) кыайан оҥорботторун өйдөөн көрбүттэр. Ини-биилэр эрдээҥҥи үлэлэрин түмүгүнэн олохтоохтор 68 %нара сиэп төлөпүөннээх этилэр уонна ол төлөпүөннэрин араас дьыалаҕа тутталлара (ол иһигэр бизнес-операцияларга)[7]. bKash  төлөпүөнүнэн банковскай дьайыылары оҥорорго анаммыт этэ.

Көһөрүүлэри уонна атын безналичнай дьайыылары bKash мобиил платформатынан оҥоруохха сөп[2]. Наличнай дьайыы агеннар нөҥүө оҥоһуллар[2]. Үгэс быһыытынан агент ол бу чааһынай маҕаһыыннар буолаллар[2]. Ол да буоллар, хампаанньа бэйэтин филиалларын тарҕатарга дьулуһар[2].

bKash  сүрүн дохуота - транзакционнай төлөбүр[2]. 2013 сыл ахсынньытыгар хампаанньа харчыны устуу иһин 1,85 % онтон көһөрүү иһин 0,5 % ылар этэ[2].

Хампаанньа тэриллибитэ биир сыл ааспытын кэннэ (2012 сыл ахсынньытыгар) bKash систематыгар 2 мөл счет баар этэ, өссө биир сыл кэннэ -  2013 с. — 11 мөл[2].

Бастакы сыл иһигэр хампаанньа дойду үрдүнэн 5 000 агеннаммыта[2].

2013 с. bKash Limited -ы Бангладеш 22 % улахан киһитэ туттар этэ[2][2].

2014 с. саҕаланыытыгар bKash Limited  500 тахса үлэһиттэрдээх уонна 80 000 агеннардаах этэ[2]. Биир ыйга харчыны угууга 13 мөл транзакция уонна харчыны уһулууга 12 мөл буолааччы, харчыны көһөрүү 5 млн транзакция этэ[2]. Көһөрүү орто кээмэйэ 27 доллар[2]. Уопсайа ыйга 680 мөл доллар эргийэрэ[2]. 80 % дохуот агеннарга барара, 7 % — мобильнай оператордарга[2]

Наҕараадалар уонна премиялар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2015 сыллаахха bKash Limited тэрийээччи уонна салайааччы Камал Кадир сыл түмэт урбаанньытын аатын ылбыта[8][4].

  1. Иногда просто bKash или bKash Ltd.
  2. 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17 18 19 20 21 22 23 24 Gregory Chen, Stephen Rasmussen. bKash Bangladesh: A Fast Start for Mobile Financial Services(ааҥл.). Consultative Group to Assist the Poor (CGAP) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.
  3. Ashirul Amin. The Cost of bKash (and friends)(ааҥл.) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.
  4. 1 2 Kamal Quadir(ааҥл.). Фонд Шваба. Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.
  5. Joanna Ledgerwood, Julie Earne, Candace Nelson The New Microfinance Handbook: A Financial Market System. — World Bank Publications, 2013. — С. 290. — 530 с. ISBN 0821389289, 9780821389287
  6. 1 2 Lynn Eisenhart. Network Effects: the Entrepreneur, the Investor, and the Poor in Bangladesh(ааҥл.). Impatient Optimists (Bill & Melinda Gates Foundation) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.
  7. Eric Johnson. bKash Offers Mobile Banking for Bangladesh, a Country With Few Bank Accounts(ааҥл.). All Things (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.
  8. Schwab Foundation for Social Entrepreneurship Announces Social Entrepreneurs of 2015(ааҥл.). Всемирный экономический форум (2015). Тургутулунна 4 Бэс ыйын 2015.