Үрүҥ хаас

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Үрүҥ хаастар
Anser caerulescens

Үрүҥ хаас (нууч. Белый гусь, лат. Chen caerulescens hyperboreus) — Саха сиригэр Хотугу муустаах байҕал таһынааҕы туундараҕа уонна арыыларга уйаланар сэдэхтик көстөр көтөр. Хаастыҥылар этэрээттэрин Кустар семействоларыгар Үрүҥ хаастар биистэрин ууһугар киирэр.

Аһын сүнньэ — кэнчээри. Атын хаастартан уратылара — уйаларыгар киһи чугаһаатаҕына көппөттөр, туора хааман биэрэллэр уонна киһи барарын кэтэһэллэр. Арааһа маннык майгылара түргэнник аҕыйыылларыгар тиэрдибит буолуон сөп диэн чинчийээччилэр сабаҕалыыллар.

Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр I категорияҕа киирэ сылдьар, Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр — III категория.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хаас

Туһаныллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Знаете ли вы птиц Якутии, Б. И. Сидоров, Бичик, 1999, ISBN 5-7696-0956-7