Үлэ уонна үөрэх икки өрүттэр

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьон былыр-былыргыттан элбэхтик хамсанан илиилэринэн элбэх-тик үлэлээн, тутан-хабан ону-маны туһалааҕы, саҥаны айыыны оҥорон олохторугар сайдыыны, тупсууну киллэрэн иһэллэр.

“Үлэ - киһини айбыта” диэн этии киһи сайдыытыгар үлэ ылбыт улахан оруолун, өйө-санаата этигэр-сиинигэр үөскүүрүн быһаарар. Үлэни оҥоруу киһи этин-сиинин уонна өйүн-санаатын тэҥҥэ сайыннарарынан үөрүйэхтэри, буор куту үөскэтэн кэлэр көлүөнэлэргэ салгыы бэриллэн иһэринэн, уһун үйэлэргэ туһалаах сайдыыны ситиһиигэ тириэрдибит. Үлэни оҥоруу эрчийэр хамсаныыларыттан дьон бэйэлэрэ тупсан испиттэрин тэҥэ, үлэни баһылаан өйдөрө-санаалара сайдыыны ситиһэрэ кыаллыбыт.

Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэх өйү-санааны сайынна-рара түргэнэ быһаарыллан, аны үөрэх бастаан иһэр диэн халыйыы үөскээн сылдьар. Ыраахтааҕы былааһын кэмигэр үөрэх аҕалар туһа-тын быһаараннар сир аайы таҥара дьиэлэригэр оскуолалар аһыллан баҕалаах оҕолору талан үөрэтэн испиттэрэ. Бу үөрэххэ кыанар, баай ыаллар оҕолорун ылаллара уонна биир эмэ талааннаах оҕону үлэһит-тэртэн талан ылан үөрэтэллэрэ. Ол иһин үөрэҕи баһылааһын таба суолунан, сайдыыны ситиһиини туһанар дьонунан тарҕанан испитэ.

Сэбиэскэй былаас быстар дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ саҥа олоххо туһалаах баҕа санаалары үөскэтээри, үөрэҕи “үчүгэй” диэн этэн киэҥник тарҕаппыта дьон сайдыыны ситиһэр баҕа санааларыгар сөп түбэһэн, бары орто үөрэҕи баһылаабыттара. Бу кыайыыны ситиһии кэнниттэн аһара бараннар киһи барыта үрдүк үөрэхтээх буолуохтаах диэн ыҥырыыны тарҕатан саҥа албыны киллэрбиттэрэ. Бэйэтэ сайдыыта суох дойдуга элбэх үрдүк үөрэхтээх киһи үлэлиир үлэтэ суоҕуттан кэлин, бу албын арыллан тахсан салайааччылар сымыйа-лара биллэн “перестройка” хамсааһына былааһы уларыппыта.

Үлэ уонна үөрэх киһи сайдыыны ситиһэн иһиитин икки өрүттэрэ буоланнар киһиэхэ икки өрүттээх уратылары оҥороллор. Бу уратылар төһө сыаналаахтара, ол аата туһалаахтара кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах бэриллэн иһэллэриттэн быһаарыллар:

1. Үлэ. Киһи хамсаныылары оҥоруута этин-сиинин эрчийэн, дьарыктаан үөрүйэхтэри үөскэтинэриттэн этин-сиинин кытта буор кутун холбуу сайыннарыыны үлэлээтэҕинэ ситиһэр. Үлэ эти-сиини аан бастаан эрчийэр, онтон хамсаныылары оҥорууттан өй-санаа үөрүйэх буолуута, буор кут үөскээн мунньуллар. Эт-сиин үчүгэй уонна куһаҕан уратылара барылара удьуордааһын, онтон буор кут утумнааһын көмөтүнэн кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэллэр. Ол аата кэлэр көлүөнэлэргэ үлэ киһиэхэ оҥорор сайдыыта, тупсуута быһаччы бэриллэн иһэриттэн дьон сайдыыны ситиһиилэрэ түргэтиирэ үлэни оҥорууттан ордук улахан тутулуктааҕа быһаарыллар.

2. Үөрэх. Араас үөрэҕи баһылаан, билиилэри иҥэринэн өйү-санааны, салгын куту сайыннарыыны үөрэх оҥорор. Үөрэх-билии элбэхтэ хатыланан үгэстэри, онтон салгыы үөрүйэхтэри, буор куту үөскэтэрэ олус уһун, биир киһи үйэтиттэн элбэх кэми ылар. Үөрүйэх-тэртэн үөскүүр буор кут эти-сиини бэйэтигэр сөп түбэһэр буола уларыттаҕына эрэ кэлэр көлүөнэлэргэ эти-сиини кытта бэриллэр кыахтанар. Буор кут диэн эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өй-санаа кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһиитэ утумнааһын диэн ааттанар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрин суох оҥорууттан ханнык да итэҕэллэрэ суох буолбут, атеистарга кубулуйан  хаалбыт дьону албын “коммунизмы” итэҕэйэргэ күһэйээри үөрэҕи киэҥник тарҕаппыттара. Ону баара төһө эрэ кэминэн үөрэхтэммит, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон, “коммунизм” албынын, сымыйатын син арыйаннар, сэбиэскэй былаас бэйэтэ эстибитэ. 

Аныгы үйэҕэ сэбиэскэй былаас тобохторо элбэхтэриттэн үөрэх эрэ дьону сайыннарыа диэн сыыһа санаа үөскээбититтэн бары үөрэҕи ситиһэ сатааһыннара сайдан сылдьар. Ол эрээри, дьон тус-туспа араҥаларыгар бэйэлэрэ үлэлиир үлэлэригэр сөп түбэһэр таһымнаах үөрэх өйдөрүгэр-санааларыгар эрэйиллэрин билиннэххэ табыллар. Ол курдук дворниктарга, араас элбэх харабылларга уонна былыргы быһаарыынан хара үлэһиттэр диэн ааттанааччыларга, атын эбиискэ үлэнэн дьарыктаммат буоллахтарына, оннук элбэх үөрэх туһата да суоҕа, эрэйиллибэтэ да быһаарыллан тахсар.

Үөрэх биир эрэ киһи үйэтигэр тиийэр. Ол курдук, үөрэх салгын куту үөскэтэринэн киһи өллөҕүнэ үс хонугунан көтөн, ыһыллан хаалар. Ийэ кут үгэстэртэн үөскүүрүнэн өлүү кэнниттэн тоҕус хонугунан үрэллэрэ, ыһыллара, айыы буолара тиийэн кэлэр. Киһи кэлэр көлүөнэлэригэр хамсаныылартан үөскүүр буор кутун уонна араас үөрүйэхтэрин биэрэр. Үлэ буор куту үөскэтэн тарҕатарынан киһи сайдыыны ситиһэригэр умнуллан хаалбат туһаны оҥорор.

Киһи үөрэммит үөрэҕэ аҕалар барыһынан бэйэтэ эрэ туһанар, чэпчэки, харчылаах үлэни булан барыс киллэриниэн, сынньалаҥнык сылдьыан сөп. Сынньалаҥнык, күүлэйдии сылдьар, үгүстүк олорор төрөппүтүн көрөн оҕото сүрэҕэ суох буола улаатара, хамсаныылары оҥорбото, этин-сиинин эрчийбэтэ мөлтөөһүнү үөскэтэн, бу аймахтары сотору эстиигэ тириэрдиэн сөп. Ол аата үөрэх кэлэр көлүөнэлэр эттэрин-сииннэрин мөлтөтөн иһэрэ быһаарыллар.

Үөрэх үгэскэ, онтон үөрүйэххэ кыайан кубулуйбакка хааллаҕына, эти-сиини кыайан уларыппатаҕына, буор куту үөскэппэтэҕинэ кэлэр көлүөнэлэргэ кыайан бэриллибэккэ умнуллан, ыһыллан хаалар. Ону тэҥэ, үөрэх киһи өллөҕүнэ көтөн, арахсан, ыһыллан хааларыттан кэлэр көлүөнэлэргэ кыайан тиийбэккэ биир киһи үйэтинэн быстан иһэр. Бу быһаарыы киһи өллөҕүнэ салгын кута үс хонугунан көтөрүнэн, ыһыллан хааларынан чуолкайданар.

Үөрэхтэммит киһи сынньалаҥнык сылдьара, чэпчэки үлэни үлэлиирэ оҕотун үлэҕэ сүрэҕэ суох оҥорор. Оҕото төрөппүтүн көрөн, үтүктэн үөрэнэригэр төттөрү хайысхалаах, куһаҕан үөрэҕи биэрэр. Элбэхтик дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото өссө үгүстүк сытарга үөрэнэн хааларыттан үлэни сөбүлээбэтэ үөскээн хаалыан сөп.

Сахалар үлэни олус былыргы кэмнэртэн баһылаабыттарынан “Нэми билэн туттунуу” диэн аналлаах үөрэҕи олоххо киллэрэн үлэлииргэ үөрэтиигэ туһаналлар. Үлэ хамсаныылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллар буоланнар улахан үөрүйэҕи ирдииллэр. Биир сыыһа-халты туттунуу киһи төһө эмэ элбэҕи оҥорбутун барытын буортулаан кэбиһиэн сөп. Ол курдук, буор хаһаары күрдьэх угун тоһутан кэбистэххэ, оҥороору сылдьар үлэ өр кэмҥэ атахтаныан сөп.

Эти-сиини дьарыктааһын бэйэтэ элбэх үлэттэн ситиһиллэр. Киһи сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ эрчиллэрэ уонна буор кута сайдан иһэрэ төрөтөр оҕолоро сайдыылаах буолан төрүүллэрин үөскэтэр. Эр киһи үйэтин тухары оҕо оҥорор кыахтааҕа омук сайдыытыгар, буор кута тупсарыгар ылар оруола улаханын дакаастабыла буолар.

Эр киһи сайдыылаах этин-сиинин уонна буор кутун кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэринэн омугу эр киһи аан бастаан сайыннарар. Күүстээх, кыахтаах эр киһи ыраас кыыһы ойох ыллаҕына эрэ удьуора уонна утума кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэрин ситиһэр кыахтанар.

Киһи үлэттэн этэ-сиинэ уонна буор кута сайдарынан үлэ киһи сайдыыны ситиһэригэр туһата үөрэхтээҕэр биллэр улахан. Омугу үлэ эрэ сайыннарар диэн этии итинэн дакаастанар. Ол аата үлэ киһиэхэ этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, буор кута сайдыытын үөскэтэринэн бэйэтэ сайдыыны ситиһэрин үөскэтэн биэрэр. Үөрэх биэрбит билии-тинэн туһанан киһи эти-сиинин эрчийиитэ, дьарыктааһына, үөрүйэх-тэри үөскэтиниитэ хамсаныылары оҥорорун тупсаран иһиитэ сайдыыны ситиһии таба суолунан баран иһэрин биллэрэр уонна икки өрүттээх буолууну быһаарар. Ол аата үөрэх буолбакка, эт-сиин хамсаныылары оҥороро тупсара киһи сайдарын үөскэтэр.

Оҕоҕо аан бастаан этэ-сиинэ уонна буор кута сайдан барар, хамсаныылары оҥорон этин-сиинин эрчийэн биир сааһыгар атаҕар туран хаамары ситиһэр. Бу ситиһии улахан суолтатынан оҕо улахан киһи курдук буолууну баһылааһына саҕаланыыта, икки атаҕар туран хаамарыттан саҕаланар. (1,24).

Саха дьоно үлэһиттэр, уустар, бары уус төрүттээхтэр, ол аата сайдыылаах буор куттаахтар. Омугу үлэһиттэр сайыннаралларыттан саха омуга олус уһун үйэни ситиһэр кыаҕа салҕанан иһэр.

Онон омук дьоно сайдыыларыгар үлэ ылар оруола үөрэхтээҕэр ордук улаханын билиннэххэ, оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэттэххэ сайдыыны ситиһиини оҥороро кыаллар кыахтанар. (2,27).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан. Оҕону үлэлииргэ үөрэтии. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 100 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Үлэ.