Үлэ уонна үөрэх

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үлэ уонна үөрэх киһи сайдыыны ситиһиитин икки өрүтүн үөскэтэллэр. Олус былыргы кэмнэртэн үлэ киһи этин-сиинин сайыннаран, тупсаран киһитийиини, ол аата киһи курдук көрүҥнээх буолууну ситиһии кыаллыбыт. Кэлин өй-санаа сайдыыта бастаан үөрэх баһылаан иһэрин курдук өйдөбүлү үөскэтэн сылдьар.

Киһи сайдыыны ситиһэригэр этэ-сиинэ уонна өйө-санаата туох уратыны киллэрэллэрин быһаарыы өйдөөх-санаалаах дьонтон эрэйиллэр. Үөрэҕи ситиһии өйү-санааны түргэнник сайыннаран олоххо тупсууну киллэрбитин иһин, олорон эрэ үлэлиири үөскэ-тэриттэн, хамсаныылары оҥорууну аҕыйатан эти-сиини мөлтөтөрө киһиэхэ уонна кэлэр көлүөнэлэригэр биллэр куһаҕаны оҥорор.

Киһи олоҕун устата оҥорор туһалаах, сайдыыны, ситиһиини аҕалар быһыылара этин-сиинин сайыннаралларыттан, тупсарал-ларыттан тутулуктанан икки аҥы өрүттэргэ арахсаллар:

1. Үлэ.

2. Үөрэх.

Сайдыыны ситиһии киһи этин-сиинин сайыннарар, тупсарар буоллаҕына туһаны аҕалар, онтон этигэр-сиинигэр буортуну, куһаҕаны оҥордоҕуна үйэтин кылгатан кэбиһиэн сөп.

Бу икки өрүттэри төһө кыайарбытынан ырытан көрүөхпүт:

1. “Үлэ киһини айбыта” диэн этии сайдыыны ситиһии хантан кэлэрин биллэрэр. Үлэни оҥоруу эти-сиини эрчийэр, дьарыктыыр, элбэх нэмин билэр хамсаныылары оҥордоххо эрэ табылларын, туһаны аҕаларын сахалар билэллэр.

Хамсаныылары оҥоруу киһи буор кутун сайыннаран үөрүйэхтэри үөскэтэн туруктаах өйү-санааны киһиэхэ иҥэрэр. Бу үөрүйэхтэр эккэ-сииҥҥэ иҥэн сылдьалларыттан уонна киһи оҕолоругар утумнаан бэриллэн иһэллэриттэн кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара түргэнник сайдыыны ситиһэрин үөскэтэллэр.

Эт-сиин хамсаныылары оҥоро сырыттаҕына эрэ табыллар. “Хамсаныы олох төрүтэ” диэн этии эт-сиин куруук хамсана сылдьарын быһаарар. Сыт диэн тылга “ыы” диэн ытааһын дорҕооно эбилиннэҕинэ сытыы диэн буолар. Элбэхтик сытыы эти-сиини сытыйыыга тириэрдэрин сахалар былыр үйэҕэ быһааран тылларыгар киллэрэн туһаналлар.

Эт-сиин эрчиллэриттэн, хамсаныылары оҥороруттан киһи олоҕун уһуна быһаччы тутулуктанар, айылҕаттан бөҕө эттээх-сииннээх киһи олоҕун уһуннук олорор кыахтанар. Куруук үлэлии сылдьар дьон уһун үйэни бэйэлэрин кыахтарынан ситиһэллэр.

2. Үөрэх өйү-санааны сайыннарар. Киһи салгын кута үөрэҕи билииттэн эбиллэн, сайдан иһэр. Бу салгын кут диэн киһи саамай кэбирэх, төбөнү кыратык доргуттахха, арыгыны аһара истэххэ эбэтэр наркотигы туһаннахха көтөн, баран хаалар өйө-санаата буолар.

Үөрэх салгын куту үөскэтэр. Салгын кут өйө-санаата билиилэртэн үөскүүрүнэн киһи өллөҕүнэ үс хонугунан ыһыллар, үрэллэр, ол иһин кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллибэккэ таах хаалар.

Үөрэхтэн кэлэр салгын кут өйө-санаата биир киһи, үөрэҕи ылыннаҕына үөскээн тыыннааҕын тухары бэйэтигэр туһалаан баран өллөҕүнэ көтөн, үһүс күнүгэр ыһыллан хаалар. Бу быһаарыы дакаастабылынан үс хонук иһинэн өйдөнөн кэлбит киһи урукку чөлүгэр түһүөн сөп, онтон хойутаатаҕына улаханнык уустугурар.

Үөрэх биир, үөрэҕи ылыммыт эрэ киһиэхэ туһаны аҕалар, хамнаһа элбиэн, үлэтэ чэпчиэн, баҕатын хоту сынньалаҥнык сылдьыан сөп. Оҕо аҕыйахтык хамсанар, үгүстүк олорор төрөппүтүн көрөн, үтүктэн хамсаныылары оҥороро аҕыйыыра этин-сиинин мөлтөтөн кэбиһэрэ, үөрэх кэлэр көлүөнэлэргэ куһаҕан дьайыылааҕын биллэрэр.

Эт-сиин сайдыыта дуу, өй-санаа сайдара дуу киһиэхэ төһө туһалаахтарын бу үлэҕэ быһааран биэриэхпит.

Олоххо хаһан баҕарар икки өрүт үөскээн тахсан иһэллэриттэн киһи өйө-санаата сайдыбытынан туһанан, бу икки өрүттэр икки ардыларынан түбэһэр быһаарыыны ылынан оҥорор быһыытын таба салайара эрэйиллэр. Бу икки өрүттэр хаһан баҕарар солбуйсар, уларыйар кэмнэрэ кэлэн иһэрин эрдэттэн билэн киһи өйүн-санаатын уларытан биэрэрэ ирдэнэр.

Аныгы үйэҕэ үөрэх аһара баран тарҕаныыта, хайҕаныыта, арбаныыта “үчүгэйин” курдук өйдөбүлү үөскэтэн сылдьар. Үөрэх бу аһара барыытын туһанан сэбиэскэй былаас быстар дьадаҥы дьону барыларын үөрэхтээн кэбиспитэ халыйыыны үөскэтэн, дьон чэпчэки үлэни көрдүү сатыыллара билигин аһара баран сылдьар.

Россияҕа ырыынак сыһыаннара киирбиттэрэ 30-тан тахса сыллар буоллулар эрээри, элбэх күүскэ үлэлиир дьон баар буола иликтэр. Ол барыта сайдыыта суох буор куттаах, үлэлиэхтэрин баҕарбат дьадаҥылартан өссө мөлтөөбүт буор куттаах оҕолор төрүүллэрэ билигин даҕаны салҕанан иһэриттэн тутулуктанар.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутуттан дьон атеист буолан хааланнар олоххо туһалаах үгэстэрин хаалларан сылдьаллар. Былыргы кэмнэргэ сахалар ыал буолууга дьадаҥы дьону чугаһаппаттар этэ. Ол барыта дьадаҥы буор куттаах киһи үлэһит  буор кутун буккуйарыттан, сүрэҕэ суох оҥороруттан тутулуктанара.

Ырыынак олоҕун кэмигэр дьон байыыны ситиһэ сатыыр санаалара улаатарыттан үлэни эрэ кыайа-хото үлэлээтэхтэринэ баайы-малы мунньунан олохторун тупсаралларын билэн эрэллэр.

Үлэ киһи этин-сиинин сайыннаран, хамсаныылары оҥорорун тупсаран уһун үйэни ситиһэрин үөскэтэрэ чуолкайдык быһаарыллан дьон дьарыктана, эрчиллэ, үлэлии сылдьаллара элбээн иһэр.

Ханнык баҕарар үлэни оҥорууга онно сөп түбэһэр үөрэҕи баһылааһын, билиини кэҥэтэн биэрэн иһии эрэйиллэр. Киһи ханнык үлэни үлэлиириттэн тутулуктанан эбиискэ үөрэҕи баһылаан истэҕинэ үлэтэ табыллан иһэрэ ситиһиллэр.

Кыра, уустуга суох үлэҕэ кылгас үөрэх сөп буолар. Үлэ араас көрүҥнэрэ элбэхтэриттэн уустуга суох үлэлэр элбэх өттүн ылаллар. Үгүс дьоҥҥо элбэх үөрэх мэһэй эрэ буолара быһаарыллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр элбэх үрдүк үөрэхтэри баһылаабыт дьон ырыынак кэмигэр үлэлэрин уларыппыттара ону дакаастыыр.

Үлэ төһө уустугуттан тутулуктанан эппиэтинэһэ улаатан истэҕинэ аналлаах үрдүк үөрэҕи баһылаабыт дьон эрэ кыайан, табан үлэлиир кыахтаналлар. Маннык үлэлэр аҕыйахтарыттан үрдүк үөрэхтээх буолуу тарҕаныыта хааччахтаннаҕына эрэ табыллар. Ол эбэтэр чахчы кыахтаахтар эрэ ылсыһыахтара этэ.

Дьон айылҕалара тардарынан олох чэпчэки өттүн диэки талаһа сатыыллар. “Балык дириҥҥэ талаһар” диэн өс хоһооно ону биллэрэр. Үөрэх чэпчэки үлэҕэ киирсэринэн уонна үөрэхтээх буолуу элбэх хамнаһы ылыахха сөбүн үөскэтэринэн чэпчэкини эккирэтэ сатаан үөрэҕи батыһыы элбээн сылдьар.

Сахалар олохторугар киһи айылҕаттан тутулугун билэн тутуһа сылдьаллар. Ол курдук, кыыс этэ-сиинэ уолтан эрдэлээн ситэрин тутуһаллар уонна кыыс оҕо маҥнай эргэ тахсан сайдыылаах буор куттаах оҕолору төрөтөн, улаатыннаран баран үөрэҕинэн, үлэнэн дьарыктанарын туһаналлар. Ол иһин кыыс оҕолору саастарын ситтэхтэринэ эргэ биэрэллэр уонна төрөөн бүттэхтэринэ ыал хаһаайыстыбатын үлэтинэн, оҕолорун, сиэннэрин иитиинэн, үөрэтиинэн дьарыктанан байыыны ситиһэллэрин тутуһаллар.

Ыаллар сааһыран оҕолоро элбээтэхтэринэ бэйэлэрэ кыахтаах биригээдэ буолуохтарын сөп. Сахалар бу уларыйыы кэлэрин билэн ыал аҕатын уонна ийэтин тойон уонна хотун диэн ааттыыллар. Элбэх оҕолорун, сиэннэрин үөрэтэр, салайар, үлэни тэрийэн сөптөөх хайысханы булларар кыахтаналлар.

Үлэ уонна үөрэх дьон эттэрэ-сииннэрэ уонна өйдөрө-санаалара сайдарын үөскэтэллэриттэн хайа эрэ өттүгэр аһара баран халыйан хаалаллара олоххо хаалыыны үөскэтэн атыттар баһыйалларын, солбуйалларын таһаарыахтарын сөбүттэн кэмэ кэллэҕинэ тэҥнээн биэрэ сылдьыыны эрэйэллэр.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан, үөрэх-билии этэринэн туһанан үлэни үлэлээн, эттэрин-сииннэрин эрчийэн, дьарыктаан уһун үйэни ситиһэр кыахтара улаатар. (1,63).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. “Туох барыта икки өрүттээх”. Үрүҥ Аар тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: “Ситис”, 2024. – 104 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Таҥара үөрэҕэ.