Эһэх

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эһэх

Эһэх (Equus asinus) диэн Аттар уустарын биир кыыла. Хаҥыл эһэхтэн (Equus africanus) төрүттээх. 5000 сыллааҕыта Африкаҕа дьиэтитиллибитэ. Мииниллэр, таһаҕас тиэйэр, арба тардар үлэһит кыыл буолар. Билигин аан дойдуга 40 мөлүйүөнтэн тахса эһэх баар.

Эһэх улахан кулгаахтаах уонна кутуругун уһугар хоболоох. Эһэх араас удьуордара араас кээмэйдээхтэр. Үрдүгэ 90—163 см, ыйааһына 200-400 кг, өҥө үксүн бороҥ уонна хара. Олоҕун устата дьадаҥы дойдуларга 12-15 сыл, сайдыылаах дойдуларга 30-50 сыл.