Этэрикээн силбэһиитэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Этэрикээн силбэһиитэ. Кыра Ляхов уонна Улахан Ляхов арыылар икки ардыларынааҕы силбэһии. Кэтитэ 20 км. Устата 50 км. Сырыынньа кытыллардаах. Дириҥэ 5 - 8 м. Сыл улахан аҥарын мууһунан бүрүллэн сытар. 1759 сыллахха түүлээҕинэн эргинэр саха промышленнига Этэрикээн арыйбыта. XVIII үйэ 60-с сылларыгар кини аатынан ааттаммыта.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.