Эрдэҕэс кутуруга (тэллэй)
Тас көстүүтэ
![](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/0/0c/Lactarius_turpis.jpg/250px-Lactarius_turpis.jpg)
Эрдэҕэс кутуруга (лат. Lactarius necator, нууч. Груздь черный) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Хатыҥ эбэтэр хатыҥ булкаастаах ойуурдарга үүнэр. Сорохтор Саха сиригэр үүммэт дииллэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сэлээппэтэ: Көппөҕөр, онтон кэтит боруонка курдук, иэҕиллибит түүлээх иилээх. Сииктээх, салахайдаах, чээл күөхтүҥү эбэтэр хараҥа буурай, хара.
Таҥалайдаах араҥата: Кирдээх үрүҥ
Этэ: Үрүҥ, тоһуттаахха хараарар. Убаҕаһа үрүҥ, амтана аһыы.
Атаҕа: Модьу. Көҥдөй. Сэлээппэтин курдук өҥнөөх.
Туттуллуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хаачыстыбатынан үһүс категорияҕа киирэр тэллэй. Сэлээппэтин эрэ тууһууллар. Тууһаатахха кыһыл арыгы өҥнөнөр.