Ырытыы:Интэриниэт

Сирэй ис хоһооно атын тылга суох.
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыстатыйа "Интернет" диэн аата хааллын. Ордук өйдөнөр буолуо.--Timir 00:32, 5 Атырдьах ыйа 2008 (UTC)

Мин саныахпар Интэриниэт диэн тыл саха тылыгар 1) киирбит, дьон билэр буолбут тыла, 2) бастакы барылыттан суруллуута да саҥарыллыыта да улахан уратыта суох, онон билбэт да дьон тута өйдүүллэр уонна улаханнык олуонатык истибэттэр/көрбөттөр. Оттон сорох дьон булуохтара суоҕа диэн куттанар олоҕо суох: Интернет диэн тылтан бу ыстатыйаҕа аптамаатынан утаарыы (перенаправление) баар. --HalanTul 23:25, 20 Атырдьах ыйа 2008 (UTC)

р8нгнпнп

Сахалыы Туроктыы тыллары тэҥнээһин[биики-тиэкиһи уларытыы]

Бу маны саха дьоно бэркэ диэн сэргиэхтэрэ дии саныыбын. Бастакытынан, уруулуу тыллары тэҥнииргэ туһалаах (бу ноуука дьонун, тыл үөрэхтээхтэрин эрэ буолбакка көннөрү да дьону сэргэтиэ дии саныыбын), иккиһинэн бу эйгэҕэ тиэрмин оҥоруу саха тылыгар өссө да сайда турар, онон бу үлэҕэ эмиэ туһалаах буолуон сөп. --HalanTul 23:25, 20 Атырдьах ыйа 2008 (UTC)