Ырытыы:Дьыл

Сирэй ис хоһооно атын тылга суох.
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эбэ мууha устуутуттан аныгыскы эбэ мууhа устуутугар дылы кэми дьыл дэнэр. Уваровскай "Ахтыыларга суруйар: "Дьыл бу кэмигэр самыыр ол дойдуга уон ордуга биэстии-алталыы тууннээх куннэ ахсаабакка туhэр."Дьыл ейдебул кыhынны эрэ кэмнэ сыhыаннаах буолбата5а ити этииттэн да кестер. Аны былыргы ырыаны керуе5ун: "Бу хайа кэм эбитэй диэн ейдеен кердехпунэ- Муус устар эбэккэйим эбит! Эргэ дьыл эстибит- Сана Дьыл салаллыбыт эбит До5оттоор!" Эбэ мууhа устуута, айыл5а уhуктуута космическай кестуу буолла5а. Дьэ, ол кэмнэргэ, эбэ мууhа устуута, халлаанна кестер ыйы саха дьин бастакы ыйа - "Муус устар ыйа" уэскээтэ дииллэрэ. Билинни кэмнэ эбэ мууha хаhан устарый? Май ыйга. Оччотугар, саха дьин бастакы ыйа - Муус устар ыйа май ыйга (сеп тубэhэр дьыл кэмигэр) сэп тубэсиhиэхтээх. Аны Худяков (Бичик 2002с. 35 стр. алгыыhыт тылын еhун суhэн ылбытын аа5ыа5ын эрэ: " Дьыл ыпсыытыгар, ый санатыгар кун утуетугэр урун туна5ынан ибир ыhыа5ынан ыhабын". Уэhээ этиллэр тыллартан маннык ситим баара кестер: Муус устар - эргэ дьыл эстэр - Дьыл ыпсыыта - Сана Дьыл - Ыhыах. Ессе биир тугэн; ааспыт уйэ 80-с сылларыгар дылы "Эбэ ирэр - илийэр, хаатын толорор кэмнэрэ" диэн ааттаан алаадьы тутан уескэ киирэн тугу эрэ ботугуруур - сипсийэр эмээхситтэр баар буолаллара. Санаан кердеххе,дьэ ол"эбэ хаатын толорон,ере анньан" Сана Дьыл уескуурэ буолуо5а .

Эбэ мууһа устуутуттан аныгыскы сылга эмиэ эбэ мууһа устуута саҕаланыар дылы кэми дьыл диэн ааттанар. Саха өйдөбүлүнэн: харыыта суох хатылана турар кэм икки утумнарыттан биирдэстэрэ буолар. Дьыл утума сайын, күһүн, кыһын уонна саас диэн тэттик кэмнэрдээх. Саха дьыл эстиитин-салаллыытын эбэ мууһа устуутунан билэрэ-көрөрө. Уонна ол кэмнэргэ халлааҥҥа көстөр ыйы (дьиҥ) "муус устар" ыйа диэн ааттыыра. Манна чопчулааһын: Эбэ мууһа устуутун кэмигэр халлааҥҥа көстөр ый хайаан да (дьиҥ) муус устар ыйа дэнэр-, диэн өйдуур сыыһа .Сахаҕа өссө сыл көтө-көтө ситэрэн-көннөрөн биэрэр 13-с ый диэн баара эбээт. Дьэ, холобура,2013 сыл 13 ыйдаах.(Ити өр сыллаах кэтээһин тумугэр чопчуланна). Салгыы ол, муус устар ыйбыт бүтэр .Өссө сана ый (халлааҥҥа) үөскүүр.Кинини (дьиҥ) ыам ыйа (июнь ыйга сөп түбэһэр дьыл кэмэ) диэн ааттыыллара. Дьэ, ол ый саҥатын " Дьыл ыпсыыта, ый саҥата" дииллэрэ.Онон, саха дьиҥ (халлааҥҥа көстөр) иккис ыйын саҥата "Дьыл ыпсыыта, ый саҥата" дэнэр. Санаан да көрдөххө: дьиҥ бастакы ый-муус устар ыйа (май ыйга сөп тубэһэр дьыл кэмэ) ыһыахтыах диэтэххэ арыый да эрдэ буоллаҕа. Дьэ, ол иһин"от-мас силигилээн турдаҕына ыһыахтара буолара.Онон,күн уһуур кэмин көрсөллөр эбит"-, диэн туҥ-таҥ бараахтыыр эбиппит. Дьиҥинэн , Ыһыах- Сана Дьылы көрсөр тэрээһин.(Кырдьыга, этиллибитин курдук, биир толору ыйы аһаран баран да буоллар). Өссө дьылга сыһыаннаахтар: /Эбэ мууһа устуута саҕаланыар диэри чугастааҕы кэм - "эргэ дьыл" дэнэр. /"Дьыл ыпсыыта "- Эбэ мууһа устуутун эргинэ. /"Эбэ хаатын толорор" кэмнэрэ. (Санаан көр: "эбэ хаатын толорон " өрө анньан "Саҥа Дьыл " үөскүүрэ буолуоҕа.

Өссө быһаарыы: "Дьыл ыпсыытыгар, ый саҥатыгар"(саха дьиҥ иккис ыйын саҥатыгар) ыһыахтар буолаллара. Итинтэн да көстөрүнэн : Күнү-дьылы ааҕыы баар эбит. Кырдьыга даҕаны: "Саҥа Дьыл салаллан кэлиитэ" диэн туһа туспа. Онтон Дьылы ААҕЫЫ халлааҥҥа көстөр ый хаамыытыгар олоҕурар буоллаҕа эбээт.