Ыйынньык

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ЫЙЫННЬЫК; Һаха ыйынньыга.

Һаха омуга бэйэтин олоҕор сөб түбэсиһэр; атын омуктар ыйынньыктарыгар холоотоххо: айылҕаҕа ордук чугас; ый  хаамыытыгар олоҕурбут ыйынньыктааҕа. Ыйынньык  маннык оҥоруулааҕа көстөр:

1. Эбэ мууһа устуута саҕаланар. Ити кэмнэргэ халлааҥҥа көстөр ыйы ("саҥата" да, "ортото" да буоллун) муус устар ыйа диэн ааттыыллара. Эбэ мууһа хаһан устарый... май ыйга.  Оччотугар, һаха дьиҥ "муус устар" ыйа "май" ыйга (сөб түбэһэр дьыл кэмигэр) сөб түбэһэр.

2. (Халлааҥҥа көстөр) муус устар ыйа туолан- эргэрэн- бүтэн халлааҥҥа өссө саҥа ый саҥата үөскээтэҕинэ һаха, Айыы үөскээбит- төрүөбүт бастааҥы күнүн= ыһыах ыһан көрсөрө. Һаха Саҥа Дьылы ааҕыыта  саҕаланара. Дьэ, мэйиибитин кыратык (дуу; улаханнык дуу) үлэлэтэ түһүөҕүҥ, эрэ: ыһыаҕыҥ кымыһа суох буолбат. Ол туһуттан "кулуну тутар КЭМ” кэлэрэ; кулуну иэҕии бүтэй күрүө иһигэр хаайдаххына эрэ= биэни ыыгын. От көбүүрэ ситэрин, биэни биир күн тоҕуста ыыр кэм буоларын кытта баай һаха уонча хонукка кымыһы мунньара. Итини таһынан, ыам саҕаланан  үүт- сүөгэй үрүлүйэр кэмэ уонна балык бастааҥы "ыыр" кэмэ кэлэрин эбэн кэбис. Онон, ол (халлааҥҥа үөскээбит) саҥа ый "ыам ыйа" диэн ааттанара туох да мөккүөрэ суох. (Май ый кэнниттэн июнь ый кэлэр. Онон, ыам ыйа,- диэн ый июнь ыйга (сөб түбэһэр  дьыл кэмигэр) сөб түбэһэр.

3.  Ыһыахтыыр (халлааҥҥа көстөр) ыам ыйын кэнниттэн от (оттонор) ыйа (июль) кэлэр. Ити ыйы “месяц травы” диэн тылбаастыыллар буолан баран; һаха: ол, от үүнэн силигилиирин көрөн көһүн сымнатар- астынар, окко таалалыыр эрэ буолбатах этэ, эбээт; онон, “месяц покоса”,- диэн тылбаастаныахтааҕа эбитэ.

4Атырдьах ыйыгар (август) атырдьаҕынан тугу гынаҕын. От бугуллуугун, кээһэҕин; онтукаҕын күрүөлүүгүн. 

5. Кыстык балаҕаныгар көһүү кэмэ балаҕан ыйа (сентябрь)  диэн ааттанар.

6. Халлааҥҥа үөскээбит саҥа алтыс ый алтынньы ый (октябрь) дэнэр.

7Сэтинньи ый (ноябрь).

8.  Ахсынньы ый (декабрь).

9.  Тохсунньу ый (январь).

10. Он(л)унньу ый (февраль).

11.  Март ыйга сөб түбэсиһэр дьыл кэмэ һаха быстарык кэмэ: аһа- үөлэ бүтэн; бэс- тиит субатын ууга (баар буоллаҕына, тар уутугар) кыһыйан

сиир кэмэ этэ. Ол иһин ити дьыл кэмэ= "бэс субатын сиир ый" ("бэс ыйа"),-  диэн ааттанара.  Ити кэмнэргэ хотоҥҥо ынаҕыҥ уолан турар, оту мэтийэригэр эрэ бэрт (суох да буоллар). Лааппыттан ас ылыаххын= "аһылла" илик. Субуйааҥкы сааҥ= “кэлэ илик”. Онон, халыҥ мууһу алларан  балык күөйэргэ уонна балбаах тардарын  хат-хат кикирийэргэ эрэ тиийэллэрэ.

12.  "Апрель" ыйга сөб түбэһэр дьыл кэмэ= "сааскы ый" дэммэккэ туох дэниэхтээҕэй.

*Билим этэринэн: халлааҥҥа ый үүнэн, туолан, эргэрэн, бүтэн халлааҥҥа өссө саҥа ый үүнүөр диэри 29,5 хонук буолар (синодическай ый). Онон, һаха ыйа 29,5 хонуктаах. Биһиэхэ, өскөтө, ыйынньыгы сөргүтэр өй киирдэҕинэ, ити күн аҥаардарын холбоон биир хонук гыныллыахтаах.  Оччоҕуна, ситэри  ыйдарбыт 30-туу хонуктаах. Оттон кылгас  ыйдарбыт 29- туу хонуктаах буолаллар.

*Сорох дьылга һаха:  ыйынньыкка "аата суох ый" диэни киллэрэн ылара. (Мантан салгыы суруллары өйдүүр туһугар халандаар уонна ыйынньык киэбтэрин усталыы тэлгэтэ сытан, тэҥнии тутан көрөр курдук санаа). а). Күн халандаара 365 хонуктаах. Оттон ыйынньык 354 хонуктаах. Ол аата, ыйынньык 11 хонук кылгас; соччо хонук (халандаарга тэҥнээтэххэ) сыҕарыйар идэлээх. Оттон икки сылга 22 хонук

сыҕарыйар. б). Биһиги, соннук, 22 хонук кылгас хонуктаах  дьыл бүтэр түгэнин көрүөҕүҥ. в). Этиллибитин курдук, һаха ыйынньыгын  Саҥа Дьыла саҕаланыытыттан (кэрискэ аахсаан быһыытынан) халлааҥҥа үөскүөхтээх  саҥа 13-с ыйын саҥата (өссө кэлиэхтээх Саҥа Дьыла) 22 хонук кэннин диэки сыҕарыйар уонна күн халандаарын апрель ыйын ортотугар сөб түбэсиһэр буолан хаалар. г). Ол түмүгэр, һаха ааҕыытынан: Дьыл бастакы ыйа= (халлааҥҥа көстөр) муус устар ыйа саҕаланар кэмэ кэлэр; ол эрээри, эбэ мууһа (апрель ый ортотугар сөб түбэһэр дьыл кэмэ кэлэн турарын эрэ быһыытынан) устар санаата олох да суох. Дьэ, оннук түгэҥҥэ, һаха: “бу, муус устар ыйбыт буолбатах эбит; “аата суох ыйбыт ” кэлэн турар эбит”,- диирэ; уонна, ол халлааҥҥа көстөр ыйы (ый саҥатын):“аата суох ый”,- диэн аат биэрэн баран, ыйынньыкка киллэрэн кээһэрэ. Салгыы, ол, “аата суох ” ый туолар- бүтэр; халлааҥҥа, өссө, саҥа ый= муус устар ыйа, дьэ, үөскүүр. Дьыл- дьыл хас ыйдаммытын ааҕа- көрө сылдьар буолан, һаха ”аата суох ыйдаах дьыл” кэлбитин эрдэттэн билэрэ. (Халандаар уонна ыйынньык киэбтэрин оҥор уонна алтыһыннаран көр, оччоҕо эрэ өйдөнүөҕэ).

Быһаарыылар.

Бастааҥы. Былыргы, өбүгэ олорбут кэмин саҕанааҕы; илин бас,- диэн өйдөбүллэрдээҕэ. Байанай итинник ааттааҕа (эпитеттааҕа) буолуохтаах.

Саҥа Дьылы ааҕыы. (Худяковка маннык тиһии баар: “Биир татаар биэлээх Эллэй, Айыы үөскээбит- төрүөбүт маҥнайгы күнүгэр; бу татаар биэтин кымыһын мунньан ыһыах оҥорбута”. Мантан көрдөххө: Саҥа Дьылы, өссө, Айыы үөскээбит- төрүөбүт бастааҥы күнэ,- диэн этэллэр, эбитэ).

*Билиҥҥи кэмҥэ 06.21 (эбэтэр, 06.27к) “Ыһыах күнэ” буолар,- дииллэр. Санаан көрдөххө, тоҕо, хантан ылан: “21” (эбэтэр “27”) чыыһылаҕа буолуохтааҕай, туох барыта “1” (бастааҥы) күнтэн саҕаланар, буолбаат. Һаха халлааҥҥа үөскүүр- төрүүр ый хаамыытыгар олоҕурбут ыйынньыктааҕа; онон, муус устаатын халлааҥҥа үөскүүр ый бастааҥы күннэригэр Саҥа Дьыла саҕаланара- саҕаланыахтаах.

Кулун тутар кэм. Ыһыаҕыҥ кымыһа суох буолбат. Биэни ыыр туһуттан: "кулуну тутар кэм” кэлэрэ (кулуну иэҕии бүтэй күрүө иһигэр хаайаллара).

Бетлиҥҥэ: эПкэй, эПкэйэбин, убираться прочь; эргэ дьыл эПкэйдэ” (“старый год ушел”),- диэн баар. Ити тыл епакта, грек, около одиннадцати дней, которыми солнечный год бывает долее лунного,- диэнтэн үөскэтиллибитэ көстөр. Епакта диэн пасхалияҕа баар өйдөбүл; ол өйдөбүлү һаха тылыгар мээнэҕэ киллэрэ сатаабатах буолуохтаахтар. Һаха ыйынньыгын оҥоруутун өйдүүр  киһи киллэрэ сатаабыта көстөр. /Таарыйа эттэххэ: ити тыл эҥкэйдэ; эҥкэрэн,- диэн салгыылаах.

Иэҕии бүтэй күрүө. Күрүө баҕаналарын  үс күрүө мастарыгар (сиэрдийэлэригэр), субу кэрдиллибит талах- тиит ураҕастары иэҕэ кэтэрдитэлээн, сиргэ батары анньан туруору туруортаабыт хахха тутуу. /Нууччаҕа: изгородь, плетневый тынъ