Ыарҕа татыйыга

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыарҕа татыйыга
Emberiza pusilla

Ыарҕа татыйыга (лат. Emberiza pussilla, нууч. овсянка крошка) — Саха сиригэр барытыгар кэриэтэ баар чыычаах, хоту элбэхтик, соҕуруу сэдэхтик көстөр. Төбөтө кытархай, хараҕын үрдэ хара сурааһыннаах. Көхсө бороҥ. Атыыра уонна тыһыта улахан уратылара суох. Атыырын кынатын уһуна 68-76 мм, ыйааһына 13-18 г. Тыһыта — 64-70 мм, 12-17 г.

Сэппэрээктэргэ баар буолар. Ыам ыйын иккис аҥаарыгар соҕурууттан кэлэр. Балаҕан ыйыгар төннөр. Сайын үөннэринэн аһылыктанар. Уйатын сиргэ оттон, кылтан, кыыл түүтүттэн туттар. Бэс ыйын саҥатыгар 4-6 кытархай бээтинлэрдээх бороҥ сымыыттары уурар. Тыһыта да атыыра да баттыыллар, 11-13 суукка. Оҕото уйатыгар 11-12 суукка хаалар. Иккиэн аһаталлар.

Туһаныллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Знаете ли вы птиц Якутии, Б. И. Сидоров, Бичик, 1999, ISBN 5-7696-0956-7