Христиан үтүөлэрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Христиан үтүөлэрэ (лат. virtutes theologicae) диэн христиан теологиятыгар быыһаныы уонна илгэ өйдөбүллэрин кыта ситимнээх үтүөлэр. Бу тиһиликкэ үс үтүө баар - итэҕэйии, эрэл, аһымал (таптал). Христиан үтүөлэрэ антик философиятын түөрт тутаах үтүөтүн кытта холбооннор сэттэ үтүө буолаллар. Христиан таҥара үөрэхтээҕэ Томас Аквинас быһаарыытынан, бу үс үтүө киһиэхэ Таҥараттан бэриллэллэр.