Хомустаах нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Үөдүгэй нэһилиэгэНам нэһилиэгэДүллүкү нэһилиэгэХоро нэһилиэгэБоотулу нэһилиэгэДалыр нэһилиэгэКэнтик нэһилиэгэМэйик нэһилиэгэОроһу нэһилиэгэТамалакаан нэһилиэгэӨргүөт нэһилиэгэМаҥаас нэһилиэгэОҥхой нэһилиэгэХарбалаах нэһилиэгэКырыкый нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэТуобуйа нэһилиэгэБыракаан нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэБүлүү улууһаГорнай улууһаӨлөөн улууһаНьурба улууһаСунтаар улууһаӨлүөхүмэ улууһа

Хомустаах нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Хомустаах.

Улуус кииниттэн 55 км ыраах сытар. Хомустаах нэһилиэгэ Дүллүкү, Кырыкый нэһилиэктэрин кытта ыаллаһа сытар, Бүлүү өрүһүнэн Нам нэһилиэгин уонна Бүлүү улууһун сирдэринэн быысаһар. Сирин иэнэ – 1200 кв.км, ходуһа сирэ – 650 га, мэччирэҥ – 400 га, бааһына сирэ – 50 га.

Нэһилиэнньэтэ – 221 киһи, 64 хаһаайыстыба баар. Тэрилтэлэрэ: Н.А.Габышев аатынан оскуола-сад, 20 миэстэлээх детсад, фельшерскэй пункт, библиотека, ОДьХ филиала, ветеринарнай пункт, Культура дьиэтэ.

Үһүйээннэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Түҥ былыргыттан үйэлэри уҥуордаан өбүгэ сэһэнэ уостан уоска, киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, ааспыт олох суола буолан Хомустаах эбэ туһунан үһүйээн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тиийэн кэлбит. Түҥ былыр биир Бэти диэн киһи Бүлүү өрүһүнэн тыынан устан айаннаан иһэн, хайа үрдүнэн тыыраахылар көтөллөрүн көрөн, «манна арааһа күөл баар эбит» диэн тохтоон көрөргө санаммыт. Хайаны дабайан тахсан көрбүтэ: сүрдээх улахан күөл баар эбит. Бу билиҥҥитэ Хомустаах сирэ. Манна ураһа түһэринэн «киһи олохсуйуох бултаах-алтаах сирэ эбит» диэн сөбүлээн тохтообут. Онон бу сир дьиҥнээх аата «Ураһа Онно» диэн эбит. Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ «Ураһа Онно» диэн аата сүтэн-симэлийэн хаалбыт. Нэһилиэк билиҥҥи аата Хомустаах. Үһүйээн кэпсииринэн, кыргыс үйэтигэр Хомустаах эбэ күөлүн тулата барыта хомуһунан саба үүнэн турара. Бу сиргэ тигиилээх сирэйдээх кыргыс дьоно кэлбиттэр уонна дьону-сэргэни барытын тута-тута өлөртөөбүттэр, арай биир эмээхсин тыһы тыһаҕаһын кытары хомус быыһыгар киирэн саһан хаалбыт, ону көрдүү сатаан баран булбатахтар. Бу күөл тоҕус тумуллаах, бу тумулларга тахсан тоҕус буойун маска олорон кукууктаан бараннар тарҕаспытар. Онтон ыла бу күөл «Хомустаах» диэн ааттаммыт.

Билиҥҥи Хомустаах[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Киин архыып докумуоннара көрдөрөллөрүнэн, Хомустаах 1920 сыллаахха быстах кэмҥэ нэһилиэк диэн тэриллэ сылдьыбыт эбит. 1952 сыллаахха колхозтар бөдөҥсүйүүлэринэн сибээстээн нэһилиэк биригээдэҕэ кубулуйбута. Олохтоохтор Дүллүкү нэһилиэгэр көһүтэлээн киирэн барбыттара. Арай 1986 сыллаахха хаалбыт сирдэри чөлүгэр түһэриинэн Хомустаах кэҥээн, олохтоох дьон уонна кинилэр ыччаттара төрүт сирдэригэр төннөн кэлбиттэрэ. Дьиэ-уот туттубуттара, үлэлээн-хамсаан барбыттара. Бэс ыйын 14 күнүгэр 1996 с. Хомустаахха саҥа нэһилиэк тэриллибитэ. 7 быыбардыыр уокуруктан биирдии депутат туруоруллан, сельсовет председателинэн Павел Васильевич Иннокентьев талыллыбыта.


Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]