Иһинээҕитигэр көс

Күбэн

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Хлопок көстө)
Күбэн
Хомуллар сирдэрэ, 2005 сыл


Күбэн диэн үүнээйи утаһына. Күбэн үүнээйи туораҕын хаҕыҕар үөскүүр. Хомуллубутун кэнниттэн эргитиллэн күбэн утум буолар. Күбэн текстиль индустриятын биир тутаах матырыйаала буолар. Таҥыллыбыт матырыйаалтан таҥас, сап, трикотаж, баата уонна да атын маллары оҥоруохха сөп буолар. Күбэн таҥаһы итии кэмҥэ кэтэргэ ордук табыгастаах буолар.

Күбэн утаһынын халыҥа 15—25 мкм буолар, устата 5—60 мм. Иһилигэ 95% целлюлоза, 5% сыа уонна минерал булкаастара.

Күбэн араас төрүттээх буолуон сөп. Сорох тропикка уонна субтропикка үүнэллэр. Күбэни бары континеннарга үүннэрэллэр. Үүнээйи барыта туттуллар.

Киһи күбэни үүннэриитин олус былыргыттан оҥорор. Сорох чинчийиилэринэн 7000 сыл аннараа өттүгэр саҕалаабыттара.