Хатырыктаах тэмиэрийэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хатырыктаах тэмиэрийэ (лат. Boletinus spectabilis, нууч. Болетинус замечательный) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.

Саха сирин сииктээх сэбирдэхтээх ойуурдарыгар үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэлээппэтэ: 7-12 см, бастаан кыһыл өҥнөөх, онтон киппииччэ кыһыл. Салахайдаах, хоҥор хатырыктаах.
Туруупкалаах араҥата: саһархай.
Этэ: араҕас, алдьаттахха уларыйбат.
Атаҕа: 5-9 см. Көҥдөй. Тиэрбэстэрдээх.

Туттуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Атырдьах ыйабалаҕан ыйа. Маринуйдууллар, хатараллар, тууһууллар.