Халхин-Гол

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халхи́н-Гол[1] (монг. Халхын Гол — «Халха өрүс», кыт. 哈拉哈河) — Монголияҕа уоннаи Кытайга устар өрүс.

Уһуна 233 км кэриҥэ, тардыытын иэнэ — 17 тыһ. км² кэриҥэ. Уутун сыллааҕы орто ороскуота — 25 м³/с. Кэтитэ — 70 м диэри, ортотунан — 25—30 м, дириҥэ 0,5 — 3,5 м, сүүрүгүн түргэнэ — 1 м/с. Уута сүнньүнэн ардахтан (сорҕото хаартан), халаана сайын буолар. Алтынньыттан-сэтинньиттэн муус устар ортотугар эбэтэр бүтүүтүгэр диэри мууһурар.

Амыр тардыыта

Халхин-Гол Улахан Хинган арҕаа эниэлэриттэн саҕаланар, онно синньигэс хочолоох, онтон дэхсир сиринэн устар. Эриллэҕэс-буруллаҕас, салаалардаах. Кытыллара эмпэрэ курдуктар, үрдүгэ 1—3 м, төрдүн диэки намыһахтар, тростник уонна талах үүммүт. Икки салааҕа арахсар: хаҥаһа Буйр-Нуур күөлгэ түһэр, уҥата — Орчун-Гол өрүскэ (Буйр-Нур уонна Далайнор күөллэри холбуур өрүс).

1939 сыллаахха буолбут сэрииттэн сылтаан биллэр.

  1. Халыып:Книга:Словарь географических названий