Хабылык

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хабылыкостуолга оонньонор саха былыргы оонньуута.

Хабылыгы хайдах оҥоруохха сөбүй?[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хабылыгы ордук киил мастан оҥорор та-быгастаах. Киил мас тиит саамай кытаанах маһа буолар, маны ылбычча быһаҕынан, эрбиинэн кыайан оҥоһуллубат. Бастаан көнө үөстээх маһы талаҕын. Хаһан баҕарар хабылыгы оонньуур ахсааныттан ордук гына оҥорор үчүгэй буолар. 30 хабылыгынан оонньуур буоЛлахха 35-һи оҥоруохха сөп.

Хас биирдии хабылык олус көнө, кыра да токура суох буолуохтаах. Оҥорон бүтэрэн баран, суустуур табыгастаах, кини икки баһа эрэһиинэнэн бааллар, оччоҕо уҥа-хаҥас тардыбат, куруук көнө сылдьар.

Хабылыгы кырааскалыыр, олифанан сотор көҥүллэммэт. Өскө хабаргар хабылыгыҥ тыастаах буоллаҕына, ол аата мин үчүгэй хабылыксыт эбиппин диэх тустааххын.