Феллини Федерико

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Федерико Феллини

Төрөөбүтэ Тохсунньу 20 1920(1920-01-20)
Римини, Италия
Өлбүтэ Алтынньы 31 1993 (сааhыгар 73)
Рим, Италия
Идэтэ Киинэ режиссера уонна сценарий суруйааччыта
Үлэтин сыллара 1945–1992

Феллини Федерико (1920 сыл тохсунньу 20 күнүгэр Римини сиригэр төрөөбүтэ, 1993 сыл алтынньы 31 күнүгэр Римҥа өлбүтэ) Италия киинэ оҥорооччута, режиссера. Феллини киинэлэрэ фантазияны уонна түүлү холбуур киинэлэр буолаллар.

Бастакы киинэтэ Lo Sceicco Bianco (1951) этэ, Альберто Сордины кытта бииргэ оҥорбута, сценарийын Микеланджело Антонини уонна Эннио Флайано суруйбута. Бу киинэ оҥорор бириэмэтигэр Феллини Нино Ротаны кытта көрсүспүтэ, кини музыката ситиһиилээх карьератыгар наар бииргэ үлэлииллэрэ.

Джульетта Масина диэн актрисаны кэргэн ылбыта. 1943 сыллаахтан 1992 сыллаахха өлүөн дылы бииргэ олорбуттара. Биир уолламмыттара 1945 сыллаахха, ол гынан баран икки нэдиэлэнэн ол уол өлбүт. Ол кэнниттэн оҕоломмотохтор. Масина Феллини элбэх киинэлэригэр уһуллубута. Феллини наар үлэлиир актердара Марсело Мастройанни, Альберто Сорди уонна Анита Экберг этилэр.

Киинэ оҥоруу устунан араадьыйа шоулар сценарийдарын суруйар этэ уонна комедия сценкаларын - биллэр актердарга - Алдо Фабрици игин курдук актердарга. Хас даҕаны уруһуйу уруһуйдаабыта (үксүгэр харандааһынан кумааҕыга), шарж быһыытынан. Онно ситиһиитэ диэн киинэлэр афишаларын уруһуйдуура табыллар эбит.

1944 сэрии бүппүтүн кэннэ уруһуйдарын атыылаабыта. Маҕаһыынын аата английскайдыы "The Funny Face Shop" диэн этэ уонна онно Феллини, Де Сета, Камерини, Скарпелли, Майорана, Гуаста диэн уруһуйдьуттар айамнньылара бааллара, бары Италия киинэтин индустриятыгар үлэлиир дьон.

1987 BAFTA Академиятын бириэмийэтин, онтон 1993 сыллаахха Америка киинэтин академиятын бириэмийэтин ылыбыта.


Киинэлэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Luci del varietà (1950)
  • Lo Sceicco Bianco (1951)
  • I Vitelloni (1953)
  • La Strada (1954) - Оскары ылбыт (бастыҥ омук киинэтэ)
  • Le Notti di Cabiria (1957) Оскары ылбыт (бастыҥ омук киинэтэ)
  • La Dolce Vita (1960) Оскары ылбыт (бастыҥ көстүүмнэр)
  • 8 1/2 (1963) 2 Оскары ылбыт (бастыҥ омук киинэтэ, бастыҥ көстүүмнэр)
  • Giulietta degli Spiriti (1965)
  • Satyricon (1969)
  • I Clowns (1970)
  • Fellini's Roma|Roma (1972)
  • Amarcord (1973) Oscar (best foreign movie)
  • Fellini's Casanova|Casanova (1976)
  • Prova d'Orchestra (1979)
  • La Citta' delle Donne (1980)
  • E la nave va (1983)
  • Ginger and Fred (1986)
  • Intervista (1987)

Атын сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]