Ухань

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Уха́нь  (Wuhan, 武汉) — Кытайга баар бөдөҥ куорат. Хубэй провинциятын киинэ. Киин Кытай ордук хойуу киһилээх куората, олохтоохторун ахсаана 12 мөл. кэриҥэ.

Янцзы уонна Ханьшуй өрүстэр силбэһэр сирдэригэр турар.

Бу кэмҥэ (2020 сыл) COVID-19 коронавирус тарҕаныытын саҕалаабыт сиринэн аан дойдуга аатырда.