Сэбиэскэй былаас содуллара

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

1917 сыллаахха өрө турууну оҥорон салайар былааһы ылбыт дьадаҥы дьон үөрэҕи-билиини баһылааннар, үс көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэнниттэн өйдөрө-санаалара төһө эмэ сайдан, олохторо сыыһа хайысханан баран иһэрин билэннэр, көннөрөр суолга туруммуттара, биир партия салайарыттан аккаастаммыттара. Бу сэбиэскэй олоххо дьону бэлэмҥэ үөрэтии диэн сыыһа хайысха үөскээбитин оннооҕор партияны салайааччылар билэн, көннөрө сатааннар “перестройка” диэн хамсааһыны саҕалаабыттара.

Бу кэмҥэ туох эрэ дьоҥҥо биллэр, туһалаах диэн ааттанар дьыаланы саҕалаарылар арыгыны кытта харса суох, аҥардастыы бобууну туһанан охсуһа сатаабыттара. Күүстээх салайар былаас уонна биир партия көмөлөөннөр арыгыны утары охсуһуу бастакы омунугар ситиһиилээх курдук буолбута. Бобуу-хаайыы көмөтүнэн дьон арыгыны эккирэтэ сылдьан иһиилэрэ лаппа аҕыйаабыта.

Арыгы иһэ сылдьалларын дьон хаалларбыттарыттан өссө күүскэ өйдөнөннөр олоххо сыыһа, халыйыы салайар былааска баарын, босхо диэн туох да суоҕун, “коммунизм” кыайан кэлбэтин, үлэһит дьону албыннааһын эбитин булан ылар кыахтаммыттара. ССРС-ка 74 сыллар усталарыгар баһылаан салайан олорбут сэбиэскэй былаас албына арыллан уонна дьон сөбүлээбэттэрэ улааппытыттан 1991 сыллаахха эйэлээхтик эстибитэ.

Барыны-бары уопсайга түмүү бэйэтэ хаайыыны үөскэтэн кэбиһэриттэн, киһи бэйэтэ оҥорор, тутар кыаҕын кыччатарыттан, бу былааска саамай улаханнык үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөбүтэ, дьон босхоҕо, бэлэмҥэ үөрэнэннэр үлэлииргэ баҕа санаалара быста аҕыйаабыта. ССРС үлэһитэ арҕаа дойдулар үлэһиттэринээҕэр хас да төгүл аҕыйаҕы оҥорон таһаарара биллэн тахсыбыта.

Үлэ оҥорон таһаарыытыгар маннык хаалыы дьону барыларын ыган туран үлэлэтэ сатааһынтан үөскээбитэ. Куһаҕаннык үлэлиир дьадаҥы дьону барыларын үлэлэтэ сатааһынтан атыттар оннук үлэлииргэ көһөн хаалбыттара үлэ оҥорон таһаарыытын быста намтаппыта.

Содул диэн үгүстүк куһаҕан өйдөбүлүнэн туттуллар тыл. Киһи оҥорбут быһыытыттан үөскээн тахсар куһаҕан уларыйыы содул диэн ааттанар. Сэбиэскэй былаас киһи үлэҕэ сыһыаныгар "Туох барыта икки өрүттээх" диэн айылҕа тутаах тутулугун тутуспакка халыйыыны үөскэтэн оҥорбут содуллара манныктар:

1. Үөрэҕи “үчүгэй” диэн аһара арбааннар үлэни куһаҕаҥҥа түһэрэн кэбиспиттэриттэн дьон үлэлиэхтэрин баҕарбаттара, чэпчэки үлэни эккирэтэ сатыыллара үөскээн аһара барбыта.

2. Бары эҥин араас, олоххо туһата да суох үөрэхтэри эккирэтэ сатыылларыттан солумсахтара улаатан хаалан ыарахан диэн ааттанар тыа сирин үлэлэрин бырахпыттара.

3. Тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну үөскэтэр уонна саханы сайыннарбыт “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тыл үөрэхтээхтэрэ умуннараннар оҕону иитии атаахтатыы уонна киһиргэтии өттүгэр халыйыытыттан үлэни кыайа-хото үлэлээччилэр быста аҕыйаабыттара.

4. Дьону барыларын уопсайга диэн ааттаан үлэлэтэ сатааһынтан куһаҕаннык үлэлээччилэр, сыылба, дьадаҥы үлэһиттэр, араас тылга тииһээччилэр бастакы күөҥҥэ тахсыбыттара уонна бары кинилэри үтүктэннэр үлэ оҥорон таһаарыыта лаппа намтаабыта, куһаҕан үлэһиттэр тугу эмэ оҥорон таһаарыыларын кытта тэҥнэһэн хаалбыта.

5. Баайы барытын уопсайдааһын дьон бэйэлэрэ тугу оҥорон таһаарбыттарыттан быһаччы туһаналларын суох оҥорон үлэҕэ ээл-дээл сыһыаннаһыыларын сайыннарбыта уонна уопсайтан ылан туһана, тииһинэ сатааччылар элбээбиттэрэ.

6. Сиртэн хостонор баайы атыылааһынтан киирэр барыһы дьоҥҥо барыларыгар тэҥнээн кэриэтэ үллэрэ сатаабыттара уонна онтон хамнаһы биэриини туһананнар биирдиилээн үлэһиттэр үлэ оҥорон таһаарыыта үрдүүрүгэр кыһамматтарын үөскэппиттэрэ.

7. Дьахталлары көҥүллэринэн эргэ тахсалларын олоххо киллэрэн уонна дьадаҥылары “үчүгэйдэр” диэн арбаан элбэх дьадаҥылар ыал буолууларын үөскэтэн, бу дьон үлэни кыайан үлэлээбэт, дьадаҥы буор куттарын киэҥник тарҕатаннар Россия дьоно үлэни кыайа-хото үлэлээбэттэрин үөскэппиттэрэ билигин да салҕанан иһэр.

8. “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн этиини тутуһаннар оҕолору атаахтык иитиини тарҕаппыттарыттан бэйэмсэхтэрэ уонна тулуура суох буолуулара улааппыт эдэрдэр ханнык да үлэни үлэлииллэрэ кыаллыбат кэмигэр тириэрпиттэрэ.

9. Атаахтык иитиллэр эдэрдэр тулуурдара быстар аҕыйаҕыттан ыал буолуу уустуктарын, эбиискэ үлэлэрин, эрэйдэрин тулуйбаттарыттан ыаллар арахсыылара эбиллэн иһэр. Ыаллар арахсыыларыттан тулаайах оҕолор элбээннэр бас-баттах иитиилээхтэр үксээтилэр.

Бу үөскээбит содуллары омук олоҕуттан туоратыы эрэ сайдыыны ситиһэргэ кыах биэриэ этэ. Дьон бэйэлэрин тустарыгар үлэлиир, барыс киллэрэр санааларын улаатыннарыыга ырыынак сокуоннара ордук сөп түбэһэллэр. Ол иһин дьон олохторун тупсараары, байыыны ситиһээри бары кыахтарын ууран үлэлииллэрэ ырыынак кэмигэр туолар кыахтанар.

“Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн өс хоһооно күүскэ үлэлээһин дьон өйүн-санаатын эмиэ күүһүрдэрин биллэрэр. Бу ыараабыт кэмҥэ дьон “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун оҕону иитиигэ, үлэҕэ үөрэтиигэ тутталлара олоххо киирэриттэн кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара кытаатар, бөҕөргүүр, тулуурдара улаатар.

Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн маннык ыарахан, үлэ кыаттарбат кэмигэр киирэн хаалан баран, онтон тахсыыны, үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиини сахалар Улуу Тойон таҥараларын үөрэҕин туһаннахтарына эрэ кыайар кыахтаахтар.

Улуу Тойон таҥара үөрэҕин олоххо киллэрии, дьон көрсүө, сэмэй буолан үлэни кыайалларын үөскэтии эрэ, бу ыар содуллары туоратарга көмөлөһөр кыахтаахтар. Көрсүө киһи ыараханнары тулуйарыттан уонна туттунар күүһэ улаханыттан сыыһа-халты туттунара аҕыйаҕыттан үлэни сайыннарар кыаҕа улаатар.

Бу содуллартан олус уһун дьайыылааҕынан омук буор кута дьадаҥылар буор куттарынан буккуллуута буолар. Олохтоохтор үлэни кыайбаттарыттан кэлии үлэһиттэр элбээн иһиилэрэ билигин баһылыыр оруоллаах нуучча омук уларыйарын үөскэтэрэ тиийэн кэлэн иһэр. Кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэрэ ити быһыыны түргэтэтэр.

Саха сиригэр салайар былаас уларыйбыта 30 сылтан тахсыбытын кэнниттэн омук олоҕор киирбит уларыйыылары сыаналаан көрөр кыах баар буолла. Омук итэҕэлин үөрэҕин тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар баһылаан салайаннар, бу содуллары өссө улаатыннаран иһэллэр. Элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны айаннар дьон солумсахтарын аһара ыытаннар үлэлииллэрин оннугар чэпчэки үлэни көрдүүллэрэ уонна олоххо соччо туһата суох үөрэхтэри эккирэтэ сатыыллара улааппытын тэҥэ, ырыа, тойук аһара барыыта тарҕанан эрэр.

“Айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этэллэриттэн эдэрдэр ол-бу араас, туһата суох кэриэтэ саҥаны айыылары оҥоро сатааннар сыыһа-халты туттунан бэйэлэрэ кэһэйэллэрин уонна куһаҕаны элбэтэллэрин үөскэттилэр. Эдэр наркоманнар эбиллэн иһэллэрэ “айыы үчүгэй” диэн сымыйанан этииттэн ордук улахан тутулуктааҕын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Бу сымыйа үөрэх дьайыытыттан туох эмэ саҥаны, урут биллибэти боруобалыы охсоорулар наркотик дьайыытыгар эдэрдэр киирэн биэрэллэрэ элбээн иһэр.

Урукку кэмҥэ өрө турууну оҥорор, былааһы уларытар кэмҥэ “гнилая интеллигенция” диэн ааттаммыт үөрэхтээхтэр билигин өссө элбээн хаалбыттарыттан, бэйэлэрэ омугу сайыннарар курдук санааларын үөскэтэн, кыайыылаах үлэ эрэ сайдыыны аҕаларын билбэтэҕэ буола сылдьаллар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр аһара элбээн хаалбыт олоххо туһата суох тыл үөрэхтээхтэрин билигин ырыынак кэмигэр улаханнык аҕыйаттахха эрэ табыллар кэмэ кэллэ. Ыраахтааҕы баарын саҕана, ырыынак кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрэ суохтар этилэр эрээри, сахалар ахсааннара биэс төгүлтэн ордук эбиллибитэ, бары сахалыы саҥараллара.

Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ диэн үлэһиттэр үөрэхтэрэ. Үлэҕэ сыһыаны уонна сыыһа-халты туттубаты үөскэтэр үөрэх буолар. Киһи сыыһа-халты туттубатаҕына эрэ туох эмэ туһалааҕы оҥороро табылларын ситиһэригэр туһалыыр аналлаах үөрэх буолар.

Омук тулуурдаах, көрсүө, сэмэй үлэһит дьоно элбээтэхтэринэ, туһалаах, барыс киллэрэр үлэлэри сайыннардахтарына эрэ сайдыыны ситиһэр кыахтанарын таба сыаналааһын эрэйиллэр. (1,95).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1.Каженкин И.И. Сүр. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: "Ситис", 2023. - 104 с.

Категорияларынан көрдөөһүн. Итэҕэл.