Солун

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Саха тыла иччилээх диэн этиини бары билэбит. Ол аата тылга ханнык эрэ өй-санаа иҥэн сылдьар. Бу өй-санаа саха тылын дорҕоонноругар саһан сылдьар. Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр бэйэтигэр сөп түбэһэр хамнааһыны үөскэтэр.

"Кыы" диэн кычыгырыыр тыаһы үгүстэр тулуйан истибэттэр, сонно тохтотоллор эбэтэр куоталлар.

"Ыы" диэн ытааһыны үөскэтэр дорҕоон. Кыра оҕо "ыы" диэн саҥара оонньоотоҕуна сотору ытыыра кэлэр.

"Рр" дорҕоону тылыгар элбэхтик туттар киһи кыыһырымтаҕай буолара быһаарыллар.

Солун диэн тыл сол уонна уун диэн тыллартан холбонон үөскээбит. Ол аата солуҥҥуттан бэрис диэн быһаччы өйдөбүллээх. Солун диэн тылтан солумсах диэн саҥаны билэ сатыыра аһара барбыт киһи ааттанар. Аһара баран ол-бу туһата суох саҥаны, солуну билэ сатааһын киһини солумсах оҥорор. Солумсах диэн киһи биир куһаҕан майгына, хаачыстыбата буолар. Солун диэн тыл киһи солумсах буолан хааларыттан харыстыыр аналлаах.

Эдэрдэр аыл буолан баран сотору арахсаллара солумсах, бииртэн-бииргэ көтүөккэлии сылдьар майгыламмыттарыттан тутулуктаах. "Айыы үчүгэй" диэн тыл үөрэхтээхтэрэ сымыйанан этэллэрэ эдэрдэр айыыны оҥоро сатаан солумсах буолууларын улаатыннарар.

Бу туһалаах тылы тыл үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй былаас кэмиттэн солумсах буолууну суох оҥорор сыыһа санааларыттан "сонун" диэн сахаларга суох тылынан солбуйа сатыыллар. Ону баара солумсах буолуу өссө эбилиннэ. Тыа сирин ыарахан олоҕуттан солумсах буолан хаалбыт эдэрдэр барыылара эбиллэн иһэр. (1,5).

Туһаныллыбыт литература.[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1.Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2013. - 108 с.

Категория: Тыл үөрэҕэ