Скотти Дьо Уивер

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Скотти Дьо Уивер (ааҥл. Scotty Joe Weaver), 18 саастаах оҕо, кулун тутар 22, 1986 төрүөх - 22 От ыйа, 2004 сыллаахха өлбүт, Бэй Минетт, Алабама, АХШ.

Гей буоларын билэннэр ыаллыы олорор дьон оҕолоро ыттыы өлөрбүттэрэ. Өлөрбүт ньымалара: хабарҕатын быһыы, 18 быһаҕынан анньыы, үрдүгэр бензин ыһан баран уоттааһын.

Өлөрбүттэр: 2 уол олохторун тухары хаайыыга, 1 кыыс 20 сыл хаайыыга (өлөрүөххэ диэн 2 уолга сүбэ биэрбит, ол эрэн өлөрөргө кыттыспатах).

Бу сидьиҥ быһыы буолбутунан сибээстээн Гей бар кыра куоратка диэн документальнай киинэ уһуллубута.