Сколл Пуондата
Сколл Пуондата (ааҥл. Skoll Foundation) — түмэт урбааныгар (сайдан иһэр дойдуларга доруобуйа харыстабылыгар уонна үөрэҕириигэ көмө) идэтийэр АХШга бэлиэтэммит Аан Дойдутааҕы эргиэнэ суох пуонда.[1].
Пуонда киинэ Пало-Альто куоракка (Калифорния, АХШ) баар.
«Сколл Пуондата» 1998 сыллаахха тэриллибит. Дьеффри Сколл eBayтан баран, хампаанньа бэйэтин аҥарын 2 млрд долларга атыылаан баран бу харчыны пуондаҕа биэрэн пуонда салайааччыта буолар[2].
2000—2010 сылларга «Сколл Пуондата» түмэт урбаанын өйүүр Аан Дойдуга саамай улахан тэрилтэ буолар[3][4] .
«„Сколл Пуондатын“ ситимигэр» киирэллэр[2]:
- Оксфорд университетын Лондоннааҕы бизнес-оскуола иһинэн баар Skoll Centre for Social Enterpreneurship;
- Skoll World Forum on Social Enterpreneurship;
- Social Edge диэн онлайн форум-община;
- Skoll Awards for Social Enterpreneurship диэн саҥа көрүүлээх түмэт урбаанньыттарын өйүүр программа.
«Сколл Пуондатын» соруктарын ахсааннарыгар киирэллэр: айылҕаны харыстабыл, доруобуйаны харыстабыл, эйэни, тулуйумтуо буолууну уонна киһи көҥүлүн өйөбүл[2]. 2014 сыллаахха Пуонда айылҕа уларыйыытыгар, ядернай сэрии сэбэ тарҕаныытыгар, ыарыыларга, Араб дойдуларыгар сэриилэргэ уонна уу аччыырыгар болҕомтотун уурбута[2].
«Сколл Пуондата» граннар программаларынан хас биирдии бырайыакка үс сылга 1 млн долларга тиийэ харчынын биэрэр[2].
«Сколл Пуондата» дьадаҥы дойдуларга кинигэ дьиэлэрин уонна оскуолалары тутар Room to Read диэн Дьон Вууд (ааҥл. John Wood) тэрилтэтин өйөөбүт[2]. Холобур, пуонда көмөтүнэн Room To Read 2010 сыллаахха 10 000с кинигэ дьиэтин арыйбыт, 1000с оскуоланы туппут уонна Girls>>Education диэн программатынан 10 000с кыыска көмө оҥорбут[2].
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Эдвин Дерджи. Джеффри Сколл (Исчезающий вид: 6 самых богатых холостяков Америки)(нууч.). Forbes (19 Балаҕан ыйын 2013). Тургутулунна 21 Муус устар 2015.
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 2,5 2,6 Фридрих Фурман Как работает филантропия в США. Идеи и практика, ресурсы и организация. — Litres, 2015. — ISBN 978-5-4577-4885-1
- ↑ Джоанна Мэйр и Кейт Гэнли. Социальное предпринимательство: инновации для устойчивого развития . — 2010. — С. 109-120. Печатается по: Johanna Mair and Kate Ganly. Social Entrepreneurs: Innovating Toward Sustainability (en) // Worldwatch Institute State of the World 2010: Transforming Cultures. From Consumerism to Sustainabilit. — New Yor: W.W. Norton & Company, 2010. — P. 103-109.
- ↑ Дэвид Борнстейн Как изменить мир: Социальное предпринимательство и сила новых идей. — Москва: Альпина Паблишер, 2012. — 499 с. — ISBN 978-5-9614-1741-8
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ситим сир: Skoll Foundation.