Сиэ уонна аһаа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха дьоно хаһан баҕарар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа тутулугуттан үөскээбит этиини тутуһа сылдьаллар. Сиэ уонна аһаа диэн тыллар аһааһын икки өрүтүн биллэрэллэрин иһин иккиэннэрин туһаныллар.

Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит бары саха тылларыгар өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларын, кэлин үөрэхтэммит аатыраары буккуйа, уларыта сатыыр тыл үөрэхтээхтэрэ элбээтилэр. Тыл дорҕоонноро киһиэхэ дьайыыларын, өйүн-санаатын уларыталларын ситэ билбэттэн былыргы кэмнэргэ, өй-санаа тутулуктара тутуһуллар кэмнэригэр үөскээбит тыллары уларыта сатыыллар. Уоту аһатыыга сиэ диэн тылы туттубакка, аһаа диэни эрэ туттуҥ диэн этээччилэр эмиэ баар буоллулар. Маннык этии саха тылын дириҥник билбэти биллэрэр.

Олус элбэхтик сиир уонна аһыыр диэн тыллары холбуу этэн туһаналлар. Бары кыыллар, тыҥырахтаах көтөрдөр туппут кыра кыылларын тырыта-хайыта тыытан сииллэр. Олорго анаан сиир диэн тылы элбэхтик туттуллар. Ылаллар да тырыта тыытан сиэбитинэн бараллар. Айылҕа кинилэргэ анаан аналлаах сиэнэр аһылыгы бэйэтэ бэлэмнээн биэрбитин сииллэр эбит.

Сиэ уонна аһаа диэн тыллар уратыларын быһаарарга итилэргэ ханнык өй-санаа иҥмитинэн туһанар ордук табыллыа этэ. Сорохтор бу тыллартан сиэ диэн олус куһаҕан өйдөбүллээх, онон уоту алҕааһыҥҥа туттубат буолуу ордук диэн этэллэрэ иһиллэригэр эппиэт биэриллэр.

Сиэ диэн тыл куруук туттуллар, олус киэҥ өйдөбүллээх тыл. Бу тыл сииргэ эрэ сыһыаннаах. Киһи эмиэ сиир, ордук оҕуруот астарын ылан сууйа түһэн баран сиэн кэбиһэр. Эти эмиэ сиир диэн этэр ордук оруннаах. Эт диэн айылҕаттан сиэнэргэ бэлэм ас буолар, сиикэйдии да сиэн кэбиһиэххэ сөп.

Кыыллар уонна көтөрдөр бары сииллэр. Дьонннор кыыл курдук эрдэхтэринэ аҥардастыы сиэ диэн тыл туттуллар эбит. Айылҕа бэлэмин ылаллар да сиэбитинэн бараллар. Сорох оту, талаҕы, үөннэри сиир, сорохтор бэйэлэриттэн кыралары тутан сииллэр.

Сиэмэх диэн туох сиэнэри барытын сиэн иһэр кыылы, тыҥырахтаах көтөрдөрү ааттыырбыт, олор сиэн иһэллэриттэн ити ааттара быһаччы тутулуктаах.

Билигин даҕаны айылҕаҕа үүнэр астары туура тардан ылан, сууйбута, соппута буолаллар уонна сиэбитинэн бараллар. Сиир диэн тыл айылҕаттан ылан бэлэм аһы сиири биллэрэрэ сөп. Ыл да сиэнэр. Айылҕаҕа үүнэр бэлэм сиэбитинэн барыыга аналлаахтар элбэхтэр. Киһи бэйэтэ эмиэ сиэмэх аҥардаах, араас кыыллар эттэрин барыларын сиэн кэбиһэр. Эккэ анаан сиэ диэн тылы туттар сөп. Эт диэн бэлэм аһылык буолар.

Сиэ диэн соччо биллэр куһаҕана суох, бары туттар, дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах тыл. Үөрэх элбээтэ эрэ диэн көйгөтүппэтэххэ табыллар. Айылҕаҕа үүнэр араас элбэх отоннору хомуйан ылан сиэбитинэн барыы уларыйбакка эрэ сылдьыан сөп.

Ас диэн тыл хаһан баар буолбута биллибэт. Киһи өйө-санаата сайдан аналлаах аһылыгы оҥостор буолбутун кэнниттэн үөскээбит. Икки эрэ дорҕоонноох буолан олус былыргы, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн ыла баар буолуон сөп. Киһи сииригэр аналлаах, анаан-минээн оҥоруллубут, эрдэттэн бэлэмнэммит, тупсарыллыбыт буоллаҕына ас диэн ааттанар. Холобурга, килиэби ылыахха. Анаан үүннэриллибит бурдуктан мэлийэн, мэһийэн, буһаран килиэп оҥоруллар. Ас барыта астанар, эрдэттэн бэлэмнэнэр, кырбанар, мэһийиллэр, буһарыллар. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар араас үүнээйилэртэн хомуйан өр кэмҥэ бэлэмниир, хаһаанар аһылыкка туттуллар гына оҥоруллубут буоллаҕына ас диэн ааттыыр эбиттэр. (1,5).

Дьон өйө-санаата сайдан, аҥардастыы булдунан буолбакка арааһы бары аһыыллара элбээбитин кэннэ аһылыкка анаан туспа, ураты бэлэми оҥорор буолууларын, бу ас диэн тыл баара биллэрэр.

Аһаа диэн тыл аһыырга ыҥырыы буолар. Эрдэттэн аһылыкка анаан бэлэмнэммит аһы аһыырга ыҥырыы аһаа диэн буолара сөп. Ас диэн мааны тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн аһыы буолан хааллаҕына, бу мааны аспыт туһаттан тахсыбытын, буорту буолбутун биллэрэр.

Сахалар иһэргэ аналлаах ууну туспа, эрдэттэн анаан бэлэмнээн туһаналларын иһэр уу диэн арааран этэллэрэ быһаарар. Мууһу иһэр ууга анаан бэлэмниир, хаһаанар буолбуттарын кэннэ муус уута диэн этии иһэр ууну бэлиэтээн туттуллар буолбут. (1,32).

Уоту аһатыы эмиэ уратылардаах. Сиэли уокка биэрдэххэ сиэ эрэ диэн этэргэ тиийиллэр. Сиэл аһылыкка туттуллубат. Эти, сыаны биэрдэхпитинэ эмиэ сиэ диэн этэрбит табыллар.

Сахалар уоту анаан-минээн арыынан аһаталлар. Аһылыкка анаан эрдэттэн бэлэмнэммит арыыны уокка биэрдэххэ аһаа диэн этэр табыллар эбит. Аһылыгы уокка биэрдэхэ аһаа диэһин сөп буолар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии айылҕаҕа үөскүүр туохха барытыгар сөп түбэһэр. Киһи эмиэ икки өрүттээҕинэн, этэ-сиинэ уонна өйө-санаата диэн арахсарынан сиэ диэн тыл этигэр-сиинигэр быһаччы сыһыаннаах буоллаҕына, ас диэн тыл өйө-санаата сайдан анаан-минээн аһылыгы эрдэттэн бэлэмнэнэр буолбутугар олоҕурар.

Сиэ уонна аһаа диэн тыллар аһылыкка бэлэмнэнэр астар уратыларыттан тутулуктаах эбиттэр. Билигин даҕаны суолталара соччо уларыйа иликтэр, хаһан баҕарар туттуллар тыллар эбиттэр. Айылҕаттан оннук ыраах тэйэ, айылҕа бэлэмиттэн ылан сии сылдьар эрдэхпитинэ сиэ диэн тыл үрдүгэр түспэппит, уларыта сатаабаппыт ордук этэ.

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.