СПИД

СПИД (Синдром приобретенного иммунодефицита) диэн ВИЧ вируһун дьайыытыттан киһиэхэ үөскүүр ыарыы.
- Синдром диэн биир төрүттээх араас симптомнар эбэтэр кыһалҕалар холбоммуттара. Иммуннай система үлэтин кыайбат буолуутун түмүгэр бу ыарыы киһиэхэ киирэр көрүҥэ, тас көстүүтэ араас буолар.
- Приобретеннай - бу тиэрмин иммун систиэмэ бэйэтин итэҕэһиттэн (киһи төрүөҕүттэн-үөскүөҕүттэн) буолбакка, тас төрүөттэн эмсэҕэлээбитин көрдөрөр.
- Иммунодефицит диэн тиэрмин иммунитет итэҕэстээҕин көрдөрөр. Иммуннай система араас ыарыылары кытта охсуһар дьоҕура намтыыр эбэтэр сүтэр.
Дьон хайдах ыалдьарый?[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2004 сыллаахха 3 000 000 киһи кэриҥэ дьон СПИД-ы кытта сыһыаннаах ыарыылартан өлбүтэ. Онтон 500 тыһыынчата оҕолор этэ. Билигин аан дойдуга 40 мөл киһи ВИЧ-ыарыһах. Ыалдьыбыт дьон баһыйар өттө Африкаҕа олорор, оҕолорго СПИД-тан өлүү улахан аҥара эмиэ Африкаҕа тахсар.
Сыстыбыт киһи ыарыытын туһунан билбэккэ уһуннук сылдьыан сөп, ол иһин ыарыһах чопчу ахсаанын этэр сатаммат.
ВИЧ ханна саҕаламмыта[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Учуонайдар этэллэринэн ыарыы бастаан Африкаҕа саҕаламмыта. Бастаан шимпанзе эбисийээнэлэргэ үөскээбит, онтон дьоҥҥо бэриллибит диэн сабаҕалааһын (гипотеза) баар.
ВИЧ уонна СПИД[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
ВИЧ вирустаах киһи СПИД ыарыһах буолумуон сөп. Хас да сыл туга да биллибэккэ олоруохтарын сөп. СПИД диэн быһаарыллыбыт киһи ханнык эрэ ыарыы баара биллэр буолар. Билигин ВИЧ/СПИД-ы суох оҥорор эмп суох эрээри синдрому кыччатар эмптэр бааллар.
Ким эмит ВИЧтаах буоллаҕына ВИЧ-положительнай диэн ааҕыллар.
СПИДы быһаарар ыарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Киһи СПИД-ы быһаарар ыарыылаах диэн быһаарыллыбыт буоллаҕына ураты ыарыылардаах буолаллар, тоҕо диэн доруобай киһи имуннай системата оннук ыарыылары кытта ситиһиилээхтик охсуһар.
Оннук СПИД-ы быһаарар ыарыылар:
- Капоши саркомата - рак уратыта, киһи тириитин баһаарар, сороҕор атын органнарга эмиэ тиийиэн сөп.
- Цитамегаловируснай ринит - киһи хараҕын кэннигэр үөскүүр вирус ыарыыта.
- Пневмоцистнай пневмония - пневмония арааһа, бу ыарыы ордук тарҕаммыт.
- Токсоплазмоз - киһи мэйиитигэр уонна атын органнарыгар тиийэр паразит
Тас сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- World Health Organizations 3 by 5 Initiative
- Médecins Sans Frontières: Campaign for Access to Essential Medicines
- WHO HIV/AIDS Programme
- AIDS Education Global Information System
- From the US National Institutes of Health
- New England Journal of Medicine Article "Patents versus Patients? Antiretroviral Therapy in India"
- AIDSPortal knowledge network
- Piedmont Care
- AIDS portal
Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- ^ "Survey shows intervention crucial to halt HIV in youth." AIDS Policy Law. 2005 Mar 11;20(5):4.
- ^ "Sexual possibility situations and sexual behaviors among young adolescents: the moderating role of protective factors." J Adolesc Health. 2004 Dec;35(6):528.e11-20.
- ^ "Update: syringe exchange programs--United States, 2002." Morb Mortal Wkly Rep. 2005 Jul 15;54(27):673-6. MMWR is published by the Centers for Disease Control.