Расанан көрөн туоратыыны-атаҕастааһыны суох гынар иһин охсуһуу күнэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Раасанан көрөн туоратыыны-атаҕастааһыны суох гынар иһин охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ (ХНТ тылларынан: араб. اليوم الدولي للقضاء على التمييز العنصري, исп. Día Internacional de la Eliminación de la Discriminación Racial, нууч. Международный день борьбы за ликвидацию расовой дискриминации, фр. la Journée internationale pour l'élimination de la discrimination raciale) — сылын ахсын кулун тутар 21 күнүгэр бэлиэтэнэр. 1966 сыллаахха ХНТ Сүрүн Ассамблеята бэлиэтиир туһунан быһаарыы ылыммыта (резолюция № 2142 (XXI)). Бэлиэтииргэ ЮАР-га буолбут дьалхаан күнүн талбыттара: бу күн 1960 сыллаахха эйэлээх демонстрацияҕа тахсыбыт 69 киһини полициялар өлөрбүттэрэ[1]В связи с этими событиями в ЮАР 21 марта отмечают День прав человека, который в большинстве стран проводится 10 декабря.</ref>. Бу күн, сөп түбэһэн хаалбытынан, 1981 сыллаахха АХШ-ка афроамериканеһы Линч "суутунан" өлөрбүттэрэ.

ХНТ генеральнай сэкиритээрэ 2006 с. бу күҥҥэ анаммыт тылыгар раасанан туоратыыны утары охсуһуу ситиһиитэ көннөрү дьонтон тутулуктааҕын эппитэ: кинилэр көннөрү олоххо көстөр расизмы төһө утарсалларыттан.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]